Перевод с якутского
күүлэйдээ
туохтуур
Нууччалыы гулять, отдыхать
1 туохтуур #
Айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан, дьаарбай, сынньан
Нууччалыы Гулять, отдыхать (обычно на природе)
Дэриэбинэ оҕото бүтүннүү хочоҕо киирэн, араас оту, сир симэҕин үргүүллэрэ, холкуос сүөһүтүн, аттарын маныыллара, оттууллара, күүлэйдииллэрэ.
Суорун ОмоллоонХойуу мутукчалаах тииттэр, үөрдүспүккэ дылы чөмөхтөспүт хатыҥнар быыстарынан күүлэйдииллэрэ. Софр. Данилов. Ый быыһа хараҥа этэ. Кинилэр ол киэһэ түүн үөһэ быдан ааһыар диэри күүлэйдээбиттэрэ
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Ыалга ыҥырыллан ыалдьыттаа, ханна эмэ баран сынньан
Нууччалыы Ходить в гости, погостить у кого-л. по приглашению
Кэлин сураҕалаһан билбитим, ыаллыы нэһилиэккэ олорор аймахтарыгар күүлэйдии барбыт. Р. Баҕатаайыскай Хата, сарсын сыбаайбабытыгар сылдьан күүлэйдээ диэн көрдөһөбүн. С. Ефремов Ньукуустаах Бүөтүрдэрин табаарыһыгар астына күүлэйдээбиттэрэ ЧКС ЫаЫЫ
3 туохтуур #
Туһалааҕы тугу да гыммакка таах сырыт
Нууччалыы Шататься без дела, бездельничать
Николай Тимофеев үлэттэн күрэнэрэ, сатаан булан күүлэйдиирэ өс хоһооно буолбут этэ Амма Аччыгыйа