Перевод с якутского
күүстэн
туохтуур
Нууччалыы обрести, найти силы; зарядиться энергией
1 туохтуур #
ан эмэ күүс ыл, эрчим эбин, сэниэлэнэ түс
Нууччалыы Обрести, найти силы; зарядиться энергией
Микиитэ хантан күүстэнэ охсубута буолла, Ваняны аҥаар атаҕынан баһан, Кутуйах диэн сааһырбыт сур атын үрдүгэр эһэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа Күүстээх үлэттэн илиһиннэхпинэ, Ийэ буорбун сыттанан сытыам, Ньургун Боотурдуу күр күүстэнэн, Тура эккирээт, тиргиллэн барыам. И. Гоголев Тыҥа да сыаланнахпына, ахсым иҥиирим киирэн, көнтөс тулуйбат күүстэнэн барыах этим М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Ханнык да өстөөҕү самнарар улахан аармыйалан, аныгылыы сэптэн-сэбиргэллэн
Нууччалыы Иметь большую боеспособную армию, современную технику
Наарта сыарҕаны Дьалты элиттибит, Дирбийэр массыынанан Ньирилиир күүстэннибит. Саха фольк Сүүрбэһис үйэҕэ космическай аракыаталар эрэ күндэл халлааҥҥа күөрэйбэттэр, атомнай буомбалар күн сирин күл оҥорор күүстэннилэр. И. Аргунов Биһиги эрабыт иннинээҕи 2800 кэриҥэ сыллаахха Египет судаарыстыбата балачча модун күүстэнэ сылдьыбыта КФП БАаДИ
3 туохтуур #
Кыаҕыр, киэҥ далааһыннан, муҥутуурдук сайын
Нууччалыы Обрести мощь, могущество; иметь широкий размах
Сэбиэскэй былаас күүстэнэригэр, үлэһит норуот олоҕо тупсарыгар мин улахан баҕалаахпын. Н. Якутскай Дойдубут, уйгута чэлгийэн, сибэкки симэннэ, Хонуктан хонукка барҕаран, баараҕай күүстэннэ. А. Абаҕыыныскай Предприятиелэр судаарыстыбаннай былааны толорууларыгар ростовчаннар бачыымнара сүҥкэннээх дьайар күүстэннилэр К