ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күүстээх

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы физически сильный, здоровый

English strong, powerful

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Ыараханы (хара үлэни, ыарахан ыйааһыннааҕы) кыайар-хотор, этэ-сиинэ, быччыҥа модьу-таҕа, (дьон, кыыл туһунан)

Нууччалыы Физически сильный, здоровый (о людях и животных)

  • Аҕыйах мүнүүтэнэн кыыс Никита күүстээх илиититтэн тутуһан саҥа көтөн эрэр хоптолуу дайбыта [хаҥкылаан].
    Н. Лугинов
  • Кинилэр дьиэлэрин таһыгар күүстээх дьон холонон көрөр таастара баара.
    Р. Кулаковскай
  • Кини симэн оҥорбут курдук эт мөҥүрүк, күүстээх, үөскүлэҥ көрүҥнээх киһи, нэһилиэк үрдүнэн аатырар бастыҥ үлэһит.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • "Ок-сиэ, күүстээх да, аллаах да табалар!" - дэһэллэр. Н. Тарабукин (тылб.)

2 даҕааһын #

Элбэх үлэһит илиини солбуйар, үрдүк көдьүүстээх, таһаарыылаах, модун кыахтаах (тиэхиньикэ туһунан)

Нууччалыы Мощный, обладающий высокой производительностью

  • Оо, маннык киэҥ уораҕайдаах дойду уутун-хаарын, кутатын-дьэбэтин күүстээх массыыналарынан сиритэ тардыталаан кэбиспит киһи ньии!
    Амма Аччыгыйа
  • Модун күүстээх экскаватордар ыстаал тимир таккыаччыларынан ол тааһы быһа хадьырыйан ылан куталлар.
    И. Данилов
  • Улахан күүстээх электростанциялаах, сылаас, суунар баанньыктаах бөһүөлэги тутуохпут диэн ким эмэ түүлгүтүгэр-биккитигэр санаабыккыт дуо?
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Икки атахтаах бастыҥ дьоруойунан, күүстээҕинэн үйэ-саас тухары ааттаммыт Геркулес ыраахтааҕы көньүүһүнэтин ыраастаан - барыта уон икки итинник сырыылары оҥортоон аатырбыта.
    Суорун Омоллоон
  • Ситиини-кыайыыны дьүһүннээн этэргэ, Силлиэрэр күүстээхтэр, сиэттиһэн туруоҕуҥ!
    Күннүк Уурастыырап
  • Кэлин уһугар күүстэхтэртэн күүстээхтэр хааланнар күрэс былдьаспыттара
    Н. Лугинов

3 даҕааһын #

Модун, модун кыахтаах

Нууччалыы Мощный, могущественный, всесильный, крепкий

  • Кэлэктиип түмүллүүтэ модун күүстээҕин эдэр үлэһит кууһан, тутан көрбүттүү биһирээбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ол иһин Биһиги дойдубут Бараммат баайдаах, Барҕа далай күүстээх эбит.
    Т. Сметанин
  • Итэҕэй - Эн эйэ күүстээҕэр, Этэҥҥэ эргиллиэ биэбэйиҥ
    Эллэй

4 даҕааһын #

Элбэх сэрииһиттээх, үчүгэйдик сэбилэммит өстөөҕү кыайар кыахтаах (хол., аармыйа)

Нууччалыы Многочисленный, хорошо вооруженный, мощный; хорошо укрепленный, защищенный (напр., армия)

  • Күтүр үрэх Күрүлгэнин курдук Күүстээх сэриилэр Күөттэспитинэн бардылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ньуукка туой дьоҥҥо кэпсиир үһү... Бу илин диэкиттэн сүрдээх улахан күүстээх үрүҥнэр иһэллэр, кыһыллар бары дойду үрдүнэн кыайтаран эрэллэр диэн.
    С. Ефремов
  • Кара-Кул хонуутун ортотунан генерал саамай күүстээх окуопатын туһунан Абдуркулла этэрээтэ туһаайан турар
    Эрилик Эристиин

5 даҕааһын #

Киһи сэниэтин эһэр, илиһиннэрэр, олус тэтимнээх (үксүн үлэ туһунан)

Нууччалыы Требующий больших затрат энергии, тяжелый, изнурительный (труд). [Борокуот аал] Ыраах айан диэн ылларбата, Уһун айан диэн утаабата, Күүстээх айан диэн мөлтүөбэтэ

  • Күүстээх үлэ көхтөөх тэтимиттэн сир титириир, салгын хамсыыр.
    И. Данилов
  • Күүстээх үлэттэн кэрэ иэйии, Эппэр-сииммэр доруобай сылаа баар
    С. Тимофеев

6 даҕааһын #

Дьайыытынан, кэриҥинэн улахан, кыайыылаах-хотуулаах

Нууччалыы Значительный, действенный (по величине, степени), сильный

  • Күүстээх сүүрүк. Күүстээх саҥа.
  • Хоту диэкиттэн сүр күүстээх холорук аара түбэһэ түспүт бугулларын барытын ыһан кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмискэ, алҕас, ис сүрэхтэн туттуллубут тыл сороҕор оннук күүстээх буолар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (7)
  • Ханнык күүстээх этиҥ тыаһа, туох ама тэҥнэһиэй, бу тыаска!
    Т. Сметанин
  • Дириҥ, иэйиилээх (киһи иэйиитин, сөҕүүтүн-махтайыытын туһунан). Θ Большой, сильный, сопровождаемый глубокими переживаниями (о чувствах, впечатлениях). [Сережа] тугу барытын баһыйар күүстээх тапталы күүтэрэ.
    Н. Лугинов
  • Таптал күүстээх дьалхааннарын Мин эдэр сааспар билбитим.
    П. Тобуруокап
  • Төрөөбүт дойду таптала күүстээх даҕаны! Ахтылҕана уохтаах даҕаны!
    Т. Сметанин
  • Түргэнник дьайар, сотору кэминэн биллэр түмүктээх (хол., эмп). Θ Сильнодействующий, эффективный, быстродействующий (напр., лекарство). Мин улааттахпына, саамай-саамай улахан дуоктар буолуом, эйиэхэ бороһуок биэриэм... саамай күүстээх, саамайдааҕар саамай бороһуогу. Эн оччоҕо хаамар, сүүрэр, үҥкүүлүүр буолуоҕуҥ.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тыый, доҕоор, итинтикэҥ дьаат эбээт, алдьархай күүстээх," - диэтэ Николай Артемьевич.
    П. Егоров
  • Ынаҕы раздойдуур уонна сиэмэлиир саҕана күүстээх, үчүгэй иҥэмтэлээх, хаачыстыбалаах аһылыктарынан аһаталлар. Ыанньыксыт с

7 даҕааһын #

Кытаанах, булгуруйбат, тулуурдаах, (үксүн санаа туһунан)

Нууччалыы Обладающий твердой сильной волей, стойкий, сильный духом. [Михаил:] Сибилигин саа да уоһугар турдарбын, мин санаам күүстээх, мин итэҕэлим кытаанах!

  • Киһи төһөнөн өйдөөх да, соччонон кэрэ дууһалаах, күүстээх санаалаах, соччонон үлэ араас көрүҥэр барытыгар дьоҕурдаах буолар
    ХС

8 даҕааһын #

Бастыҥ, чулуу, кыахтаах

Нууччалыы Выделяющийся своими способностями, талантливый, сильный

  • "Эн чахчы күүстээх теоретик эбиккин!" - Сеня киһитин өссө эбии тэптэрэн биэрэр.
    Н. Лугинов
  • Биһиги оскуола оҕолорун нуучча тылыгар күүстээхтэр диэн этэр буолаллара.
    П. Аввакумов
  • Ансаамбыл бырагырааматыгар эбэн Саха музыкальнай тийээтирин күүстээх солистарын А. Е. Ильинаны уонна И. П. Степановы киллэрдибит
    ХС

9 аат тыл #

суолт. Күүһүнэн холоонннооҕо суох киһи, бухатыыр

Нууччалыы Обладающий недюжинной силой, силач

«К» буукуба