ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күүһүлээ

туохтуур

Нууччалыы принуждать, заставлять кого-л. делать что-л. против воли; совершать насилие над кем-л

1 туохтуур #

Бэйэҕин эбэтэр кими эмэ тугу эмэ гынарга күүс өттүнэн күһэй, моһуй

Нууччалыы Принуждать, заставлять кого-л. делать что-л. против воли; совершать насилие над кем-л

  • Кими да күүһүлүүр түктэри. Биһиги кырдьыкпытынан дьон санаатын тутан бэйэбитигэр сыһыарыахтаахпыт.
    А. Софронов
  • Чомпоойобу күүһүлүүр кэриэтэ, икки хонноҕун анныттан ылан, Маппырдаах Сипсики аан хоско илтилэр.
    Л. Попов
  • Дьулустаан бачча буолуор диэри син элбэх кэнсиэргэ оонньоотоҕо. Ол тухары маннык илистибитин өйдөөбөт. Биир тылынан, олус ыараханнык бэйэтин күүһүлээн оонньоото
    Э. Соколов

2 туохтуур #

Кими-эмэ күүскүнэн, талбыккынан атаҕастаа, баттаа, көҥүлүн күөмчүлээ

Нууччалыы Притеснять, угнетать, совершать произвол в отношении кого-л

  • Үгүс воеводалар оччотооҕу баттабыллаах үйэ да саҕана сиэрэ суохтук көстөр гына халаан, күүһүлээн, олохтоох нэһилиэнньэни үктээн-баттаан олорбуттара. ИОВ ЯК. Бу ["Тыа үөһүгэр"] пьесаҕа ааптар [Күндэ] Колчак былааһын кэмигэр саха баайдара уонна кулаактара көҥүл күүһүлээн, баттаан-үктээн олорбуттарын-- эмиэ күүстээхтик арыйар
    ССЛИО

3 туохтуур #

Дьахтарга, кыыска, сөбүлэспэтин үрдүнэн, күүскүнэн сырыт

Нууччалыы Принуждать силой женщину, девушку к половому акту; изнасиловать

  • Харытыана эрэйдээҕи биир кулаак уола атаҕастаан, ынах хомуйа сырыттаҕына күүһүлүү сыспыта, бэстилиэнэй биир ырбаахытын тырыта тыыппыта.
    П. Ойуунускай
  • "Эн хайдах санааҥ буолан, 13 саастаах кыыһы күүһүлээбиккиний?" - диэн билиэҥҥэ түбэспит фашистан ыйыппыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Петя оҕо, баай уол, хамначчыт дьахталлары, кыргыттары күүһүлээн кыдьыгын тарҕатар
    М. Доҕордуурап

«К» буукуба