ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күүһүр

туохтуур

Нууччалыы набраться сил, становиться сильным, окрепнуть

1 туохтуур #

Эккэр-хааҥҥар күүстэ, сэниэтэ киллэрин, эрчимир

Нууччалыы Набраться сил, становиться сильным, окрепнуть

  • Аһаабыт саҕа санаан, күүһүрэн, аны аҥаар илиибин ороон таһаардым. Аччыктаабытым, сылайбытым туох да олус.
    Т. Сметанин
  • Кэҕэ улаатан, арыый күүһүрэ түстэр эрэ, чыычаах муҥнаах кыракый оҕолорун уйаларыттан таһырдьа үтүрүйэр, соҕотоҕун эрэ уйаҕа хаалар.
    И. Федосеев
  • Эмиэ күүһүрэн кэлэбит: сылайбыппытын умнан кэбиһэбит. Н. Тарабукин (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Санааҕын бөҕөргөт, тулуурдаах буол. Θ Стать сильнее, выносливее, мужественнее. Киһи араас, сорох, эн курдук, киһиргээтэҕинэ күүһүрэр, сорох бэйэтин сэнэннэҕинэ өрө көбөр.
    Н. Лугинов
  • Хараҕым да хараҥардар, Сатарыччы күлэбин, [Олох] Төһө төгүл мускуйар да, Соччо төгүл күүһүрэбин
    И. Гоголев

2 туохтуур #

Уоҕур, эрчимир, улаат (туох эмэ күүһүн этэргэ)

Нууччалыы Усиливаться, возрастать, нарастать, набирать силу (о силе физических процессов)

  • Лаппа киэһэрэн, хаҥас дьиэҕэ уот ордук сырдаан, күүһүрэн күүдэпчилэнэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Уу дириҥээбит, сүүрүгэ күүһүрбүт.
    Н. Заболоцкай
  • Тыал күүһүрбүккэ, тымныы сэтэрбиккэ дылы буолла.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
  • Элбэх сыарҕалаах дьон чугаһаан эрэр тыастара улам күүһүрэн истэ
    ХС
  • Кытаат, дириҥээ (ханнык эмэ санаа, иэйии туһунан). Θ Углубляться, обостряться, накаляться (о чувстве, состоянии). Онтон Фокин аймалҕана ордук күүһүрбүтүгэр кинилэр дьонноругар бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһыйбыта, кыыһырбыта эбии күүһүрдэ: "Бу муҥнаан эрдэҕин!" Софр. Данилов. Кини Александры таптыыр, ытыктыыр санаата өссө күүһүрэргэ, улаатарга дылы буолла
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Тэтимир, түргэтээ

Нууччалыы Ускориться, повыситься (о темпе)

  • Үлэ төрдүс күнүгэр өссө ордук күүһүрэн барда
    М. Доҕордуурап
  • Сытыырхай, күүркэй, тыҥаа. Θ Стать крайне напряженным, накалиться, обостриться (о состоянии). Олох охсуһуута бары өттүнэн күнтэн-күн аайы күүһүрэн иһэрэ
    Д. Таас
  • Улаатан ис, бэргээ (ыарыы туһунан). Θ Усугубиться, прогрессировать (о болезни). Ол онтон таарымтата куттанан сиргэ тимириэ баара дуо, хата, эбиитин күүһүрдэ.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Кини хараҕа уоттанан, тыынара ыгым-ыгымнык күүһүрэн, уҥуоҕа салҕалаан, сирэйэ эрдийэн, туох эрэ суостаах суолга соруммут быһыылааҕа
    Дьүөгэ Ааныстыырап

«К» буукуба