Перевод с якутского
күөн
аат тыл
Нууччалыы грудь, нижняя часть груди
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туох эмэ (үксүн сылгы) түөһүн илин өттө, иннэ
Нууччалыы Грудь, нижняя часть груди (обычно лошади)
Кэлиҥҥи ат ситэн күөнүнэн сыарҕаҕа олорор киһиэхэ анньылынна. Софр. Данилов. Эһэ тохтообокко ааһа сүүрэн истэҕинэ, оҕолоро иннигэр түһэн күөнүгэр ыйаннылар. Т. Сметанин Күрүөһүт сылгы бүтэйи күөнүнэн тоҕо анньар уонна көтөр АГГ СТК
2 аат тыл #
Туох эмэ инникилээн, бастаан иһэр чааһа
Нууччалыы Передовая позиция, передний план, рубеж чего-л
Оппоненнар уонна дьүүллэһиигэ кыттыыны ылбыт профессордар теоретическай физика күөнүгэр иһэр проблеманы көтөхпүт үлэни биир санаанан билиннилэр. "Кыым". Ср. пратюрк. көөҥ, көөн 'грудь'
3 этии #
Нууччалыы Бороться за первенство в чем-л
Күөн былдьас - туохха эмэ инники, бастакы буоларга кимниин эмэ куоталас Түүрдэр оччотооҕу бөдөҥ судаарыстыбалары: Византияны, Ираны, Кытайы кытта күөн былдьаһар буолбуттара. АНК БТТ. Күөн көрүс - кими эмэ кытта күүскүн тургутус, туохха эмэ күрэхтэс. Θ Противоборствовать; состязаться в чем-л. с кем-л. один на один; участвовать в поединке. Элбэх улуус ааттаахтарын кытта күөн көрсөн барыларын кыайбытым. И. Гоголев Дьэ, доҕоттоор, бачча түмсэн, уолдьаһан баран күөн көрсөн, күрэс былдьаһан тарҕастахпыт дии. Болот Боотур Оччолорго икки күүс, икки уун-утары күүс, күөн көрсүбүттэрэ. "Кыым". Тэҥн. күрэс былдьас, күрэх былдьас. Күөн тутун - кими-тугу эмэ туохха эмэ сүрүн, бастыыр күүс оҥоһун; тумус тутун. Θ Использовать кого-л. в качестве ударной силы; вытягивать, выдвигать на передний план. Бөһүөлэккэ биһиги күөлү кэрэхсээбитинэн тиийдибит, олохтоохтор, күөн туттан туран күөллэрин кэпсээбитинэн тоһуйдулар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Бэлиитикэ боппуруостарыгар мөккүөрдэргэ куурсун устудьуоннара кинини күөн тутталлара. Софр. Данилов
4 этии #
Нууччалыы Один из участников поединка
Күөн көрсөөччү - биир бииргэ киирсээччилэртэн биирдэстэрэ Кэмниэ-кэнэҕэс үрэх тамаҕыттан аат ааттаан, сурах сураан иһэр күөн көрсөөччү көһүннэ. Далан Күөн көрсүү (көрсүһүү) - туохха эмэ күүһү-кыаҕы холоһуу, ким кыайарын быһаарсыы. Θ Поединок, единоборство. [Ыһыахха] олоҥхо, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, күрэс былдьаһыы, күөн көрсүү буолара. Л. Попов И. В. Пухов айыы бухатыырдара абааһы уолунуун күөн көрсүһүүлэрин киһи айылҕа амырыын күүстэрин кытта охсуһуутугар сөпкө ситимниир. Эрчимэн. "Илиадаҕа" кинилэр [Ахилл уонна Гектор] күөн көрсүһүүлэрэ ойууланар. КФП БАаДИ
5 аат тыл #
Оонньооччу угар, туруорар харчытын суумата (сүүйүүлээх оонньууга)
Нууччалыы Кон, ставка (в игре). [Киргиэлэй] көрсүбүт эрэ куоратчыттарыттан: "Сүүйтэрдим, баҕар, боруостаныам, күөн харчытына иэс аҕал", - диэн көрдөһөр үһү
[Халлаайап] бу түүн күөн буолар харчыта аҕыйаҕыттан санаата түһэн олорор ХС