Перевод с якутского
күөрт
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы мех кузнечный
English bellows
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тимир ууһа кыһаҕа уоттаах чоҕу күөдьүтэригэр аналлаах үрдэрэр тэрил (итинник гынан тимири кытардар, уулларар)
Нууччалыы Мех кузнечный (для нагнетания воздуха)
Былыргы саха уустара тыһаҕас тириитэ күөртэринэн чох уотун күөдьүтэн тимир тахсар тааһын ууллараннар, эҥин араас тимир сэби оҥороллор эбит. Амма Аччыгыйа Уус күөрдүн курдук аппарааты туруора оҕустулар. А. Федоров Урут рудаттан тимири ыларга кыһаҕа салгын киллэриитигэр илии күөрдүнэн туһаналлара. АЕВ ОҮ И. Пратюрк
Өссө холобурдар (1)
көөрүк
2 этии #
Күөрт айах - истибитин-көрбүтүн мээнэ кэпсиир киһи Тэҥн. күүгэн айах
Нууччалыы Человек, не умеющий держать язык за зубами, не умеющий хранить тайну (букв. его рот - кузнечные меха)
3 даҕааһын #
Бөрө курдук дьүһүннээх, араҕастыҥы бороҥ
Нууччалыы Желтовато-серый
Холумтан анныгар түөрт харахтаах күөрт ыт сытар. Н. Якутскай Биир күөрт ыт уот иннигэр олорон, алаадьыга иҥсэрэн, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, Харытыана сирэйин-хараҕын кэтэһэр.
КүндэХата, сөрүүн түһэн, сүһүөҕэр турбут күөрт ыт иччитин кэнниттэн кутуруга хороҥолуу турда. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. күкүрт, күрт 'сера'
4 этии #
Нууччалыы Стать посмешищем для всех; быть объектом насмешек (букв. стать посмешищем для желтовато-серой и пестрой собаки)
Күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр бар - ким барыта күлүү гынар киһитэ буол; күлүүгэ бар Эмэгэппин, эйигин, - Илиибинэн киэр илгэбин. Күөрт ыт күлүүтүгэр, Эриэн ыт элэгэр Киирэрбин кэрэйбэппин, Сарыыссалары билиммэппин! Л. Попов Торуой уола -- күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барбыта. Н. Павлов