ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күөрэччи

сыһыат

Нууччалыы высоко

1 #

сыһ

  • Аанчык чочуламмыт толору харытын күөрэччи тутан, кырабыайкатын көннөрүнэ турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Александр уонна Миронов кыһыл былааҕы икки угуттан, күөрэччи анньан, уулуссаҕа тахсан бастаатылар.
    М. Доҕордуурап
  • Демонстраннар өрөбөлүүссүйэ сирдьиттэрин мэтириэттэрин, транспараннары күөрэччи көтөхпүттэр
    П. Филиппов

2 #

Үчүгэйдик көстөр гына, үрдүктүк (көтөх, тут)

Нууччалыы Достаточно высоко, чтобы было хорошо видно (поднять что-л.)

3 #

Үрдүк куолаһынан (саҥар, ыллаа, хаһыытаа)

Нууччалыы Высоким голосом (говорить, кричать, петь)

  • Уол оҕо! Арай күөрэччи чаҕаарыйан саҥарара, быыһыгыраччы күлэрэ хайдах эрэ уолтан атыҥҥа дылы.
    Амма Аччыгыйа
  • Табаһыт имири-хомуру соҕус күөрэччи ордоотоотоҕуна, тэһииргээбит халыҥ үөр да таба налыйа түһэр, судургу айанныыр. ИИА КК. [Маайыс] "Хабарҕа ырыата" диэни ыллаан, күөмэйин төрдүнэн курдургуурун быыһыгар, өрө ойуутугар дэгэттээн, күөрэччи ыллыыр
    ХС

«К» буукуба