Перевод с якутского
көбүө
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы громкая, крикливая брань
1 аат тыл #
Улаханнык хаһыытаан үөхсэр саҥа
Нууччалыы Громкая, крикливая брань
Көбүө былаастаах хаһыы субу дьахтар кулгааҕын үрдүгэр бардьыгынаата. Н. Заболоцкай Ону, оҕом өйдөө, үгүс күргүйэ, көбүөтэ суох, бырааттаах балыскын көрүөх-харайыах, харыстыах кэриҥнээххин Э. Соколов
2 аат тыл #
үрд. Туох эмэ кырыыта, кытыыта
Нууччалыы Край, окраинная часть чего-л
Үөскүү кэлэр Үс түһүү дьаҕыл дойду Өрөгөйдөөх үрдүк мындаатыгар, Үрүт көбүөтүгэр, Бургунас ынах Муоһа чочойон көстөр. Күннүк Уурастыырап Үрдүк маҥан халлаан Үрүт көбүөтүгэр тиийэ үүнэн силигилээбит.
Суорун ОмоллоонКүөрээннээх байҕал көхсүттэн Күлүк Таас хайа көбүөтүттэн Күөх түүн ийэбит -- Көмөн-сабан кэллэ курдук. Саха нар. ыр. I
Өссө холобурдар (2)
Уйгу-быйаҥы олохтуохпут, Уолбат түһүлгэни түһэриэхпит, Көйөргө кымыһы күөрэтиэхпит. Көбүө күөһү күөстүөхпүт, Чалбараҥ малааһыны тардыахпыт. Саха нар. ыр. II I. Ср алт. күбрен ‘ворчать’
3 даҕааһын #
суолт. Улахан, толору
Нууччалыы Большой, полный