ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көлүөһэ

аат тыл

Нууччалыы колесо.

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Киин, сис тула эргийэн, тугу эмэ хамсатар төгүрүк оҥоһук

Нууччалыы Колесо. Таһаҕаһы таһар да, көлүөһэтэ суох, син айанныыр да, суола суох баар үһү (тааб.: оҥочо). Кулгааҕар билигин да борокуот көлүөһэтэ күллүргүүргэ -- дылы гынар. Амма Аччыгыйа. Тэлиэгэ көлүөһэтэ силискэ охсуллан лигийэр. М. Доҕордуурап. Дьүөкэттээх көлүөһэлэр кыычырҕаабаттар, арай, эргэ тэлиэгэ ыарырҕатан ынчыктаталаан ылар. Н. Габышев

2 аат тыл #

Оҕо оонньуута: оонньооччулар аҥаардара уллуҥахтарын холбуу тэбэн муостаҕа тиэрэ сыталлар, онон көлүөһэ тарбахтара буолаллар. Турар оҕолор - көлүөһэ иитэ буолаллар. Кинилэр хаҥас илиилэрин инники турар оҕо санныгар уураллар, биир тэҥник төгүрүччү көлүөһэ тарбахтарын эргитэллэр, улам сүүрэллэрин түргэтэтэн иһэллэр. Алдьаммыт тарбаҕы, быстыбыт көлүөһэ иитин, оонньууттан туораталлар, кыахтаах буоллахха, атын оҕолорунан солбуйаллар

Нууччалыы Якутская детская игра: половина играющих лежит на полу ступнями к центру, образуя как бы спицы колеса

  • Стоящие дети, держась за плечи левой рукой образуют обод колеса, правой рукой они крутят спицы колеса, постепенно ускоряя темп. Дети, оторвавшие руки с плеч или "поломавшиеся спицы" выбывают из игры. Вместо выбывших могут быть приняты другие

3 этии #

Нууччалыы На колесах (об образе жизни характеризующемся частыми переездами)

Этиилэр

Көлүөһэ үрдүгэр (ааһар)

- сотору-сотору айаҥҥа сылдьар, сиртэн сиргэ сыҕарыйа сылдьар (киһи олоҕун майгытын туһунан) Артыыс олоҕун үгүс өттө айаҥҥа, көлүөһэ үрдүгэр ааһар.

  • АВТ ДьКС

4 этии #

Көлүөһэ сыарҕа эргэр. - тэлиэгэ

Нууччалыы Телега. Байаарап Өлөксөй хайаан да Баҕарах күөлүгэр барыаҕа, - Көлүөһэ сыарҕатын үрдүттэн Күөрэтэн күппээллии ытыаҕа. Күннүк Уурастыырап. Лаҥкы оҕонньор аты лас гына охсорун кытта, көлүөһэ сыарҕа талыгыр ойо турда. А. Сыромятникова. Көлүөһэ тарбаҕа - көлүөһэ киинин иитин кытта холбуур уһун синньигэс тимир. Спица (колеса). Сиэйэлкэ сиэмэни сиксийэн Тэҥинэн түһэрэн айанныыр. Көлүөһэ тарбаҕа дьэргэйэн, Буоланы эргийэ кылбаҥныыр. Эрилик Эристиин. Көлүөһэ (көлүөһэлээх) тыраахтар - көлүөһэнэн хаамар тыраахтар. Колесный трактор (в отличие от гусеничного). Тырахтарыыстар үс ыйдаах куурустарын бүтэрээт -- көлүөһэ тыраахтар уруулугар олорбута. В. Ойуурускай. Үөт саҕатыгар көлүөһэлээх тыраахтар от охсор массыынаны соһо сылдьара көһүннэ. С. Никифоров

«К» буукуба