Перевод с якутского
көмүс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы серебро
English silver, gold
Ис хоһооно · 11
1 #
көмп диэнтэн холб. туһ. Дьиэ дьиҥнээх баһылыктара бэрт өр ыалдьан өлбүт соҕотох кыыстарын көмсө туора нэһилиэккэ барбыттара. Амма Аччыгыйа. "Мироновы көмсүбүппүт", - диэн кэпсии-кэпсии хараҕыттан уу-хаар баспытынан барда. Багдарыын Сүлбэ
2 аат тыл #
Өҥнөөх күндү металл (үрүҥ да, кыһыл да көмүһү этэллэр)
Нууччалыы Благородный, драгоценный металл (серебро или золото; серебро и золото как родовое понятие)
Көрдүүр көһүйэ көмүһү булар (өс хоһ.). Саха сирин көмүһүн, түүлээҕин аан дойду барыта билэр. Амма Аччыгыйа [Казаков:] Мэ, хата бу кумааҕыга бачча көмүһү ыллым диэн араспыыската суруй С. Ефремов Көмүс биилкэ. Көмүс ньуоска. Көмүс ытарҕа.
Өссө холобурдар (2)
Отон уутунан соппут курдук икки уоһа, лычыгыр көмүс тиистэрэ бу көстөн ааһаллар
П. ОйуунускайКөмүс дуйдаах. Θ С позолотой; луженый. Көмүс кылдьыылаах ачыкытын көннөрүннэ П. Аввакумов
3 аат тыл #
Өҥнөөх күндү металтан (үрүҥ, кыһыл көмүстэн) оҥоһуллубут манньыат
Нууччалыы Монета из благородного драгоценного металла (золота или серебра)
Табаарыстыба хас биирдии тириигэ көмүһүнэн баччаны төлүүргэ эбээһинэстэммитэ: -- бастыҥ суортаах күөх толбонноох кырсаҕа уон биир солкуобай биэс уон үс аҥаар харчыны, иккис суортаах күөх толбонноох кырсаҕа биэс солкуобай сэттэ уон сэттэ харчыны БГП ССРГС Көмүс түөстээх күөрэгэйим, алтан түөстээх далбарайым! Ньургун Боотур. Көмүс туорахтаах бурдугунан киэн туттар. П. Егоров Көмүс төбөлөрүн аһаллар Эрдэ үүнэр ньургуһун оттор И. Эртюков
4 аат тыл #
Көмүс хостуур сир, бириискэ
Нууччалыы Место разработки драгоценного металла; прииск
Туспа дойдуларга Соргу булаары, Көмүскэ баран Көнөн кэлээри [барабын].
Өксөкүлээх ӨлөксөйБодойбо баайыгар ханаары Көмүскэ тиийбитим. А. Абаҕыыныскай Көмүскэ тиийэн эрэбит, эрэспиэскэ начаалынньыга айанньыттары тохтото сатыыр Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Буойун ааттанан охсуһууга Босхоҥ, доҕолоҥ буолтум иһин, Көмүскээбит көмүс көҥүлүм Күн буолан күндээрэр буоллаҕына, - Син биир этиэҕим Сирдээҕи дьолу билэбин диэн Т. Сметанин
5 аат тыл #
Тардыы форматыгар: күндүтүк саныыр киһигин (эбэтэр тугу эмэ) таптаан ааттааһын
Нууччалыы Ласковое обращение к кому-чему-л. дорогому, любимому
Көмүһүм, хаһан кэлэҕин? [Балыксыт:] Оо көмүстэриэм! Көҥүл үйэ сырдык саарыстыбатыгар, дьоллоох олох үрдүк туонатыгар дьолгут-соргугут улааттын!
П. ОйуунускайБу өлүү инниттэн, Германия сириттэн Күн көрөр көҥүллээх Сэбиэскэй дойдубар Көтөн тиий, Көмүһүм, мин хоптом Т. Сметанин
Өссө холобурдар (4)
Ырыа-тойук тыкаарам, Ыллыах-туойуох, гитарам, Тохтор көмүс дорҕоонум, Тоҕо бу мин тохтоотум?
П. ОйуунускайКини бэйэлээх нуһараҥҥа нуоҕайа сылдьан көмүс чуораан күөмэйинэн ыллаан лыҥкынатар. Амма Аччыгыйа Сыллар-күннэр субуһаллар Сырдык туман атынан, Көмүс сааспын аһараллар Көтөлүнэн-ындыынан. П. Тобуруокап Др. -тюрк. күмүш, тат. көмеш ‘серебро’
6 даҕааһын #
Өҥнөөх күндү металтан оҥоһуллубут
Нууччалыы Сделанный из благородного, драгоценного металла (золота, серебра), золотой или серебряный
7 даҕааһын #
Саһархай, араҕас өҥнөөх
Нууччалыы Желтый, цвета золота
8 аат тыл #
Күндү, тапталлаах
Нууччалыы Дорогой, любимый. [Саныыра] эрдэ үлэлии кэлиэ кыыс, кини көмүс доҕоро - хаһан эрэ, хойуут-хойут
9 аат тыл #
Кэрэттэн кэрэ, олус үчүгэй
Нууччалыы Великолепный, превосходный
10 этии #
Нууччалыы Зря, напрасно, совершенно бесполезно, ни за грош (пропал, напр., день)
Этиилэр
Көмүс манньыакка ылын
- кырдьык курдук ылын, дьиҥнээх курдук санаа.
Принимать за чистую монету.
Баҕар сорохтор итэҕэйэн, барытын көмүс манньыакка ылынан эрдэхтэрэ. ХС Көмүс уйа фольк. - 1) ким эмэ төрөөбүт-үөскээбит дьиэтэ. Родной дом, родной очаг, колыбель (любимый эпитет в устном народном творчестве). Бу дыбарыас мин дьоллоох көмүс ньээкэ уйам этэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (4)
Кини миигин адьас аччыгый эрдэхпиттэн оҕолообут, көмүс ньээкэ уйабыттан көччөх гынан көтүппүт күн сиригэр күндү киһим. А. Кривошапкин (тылб.); 2) көтөр-сүүрэр түөлбэлээн олохсуйар, ууһуур-үөскүүр сирэ. Любимое место скопления птиц, животных, где они размножаются. Илин, арҕаа бастарыгар икки күөллээх, ортотугар көтөр-сүүрэр көмүс уйата буолбут Тиит Арыылаах. И. Данилов Көмүс тарбахтаах (илиилээх) - олус дьоҕурдаах мындыр уус. соотв. Золотые руки. Дэбигис оннук мындыр өйдөөх, быһата, көмүс тарбахтаах киһини булуоҥ суоҕа. А. Сыромятникова Манна биир профессор баар. Көмүс тарбахтаах киһи. Г. Угаров Көмүс тарбахтаах үтүө уус эбит. ХС
Көмүс тыллар
- дириҥ ис хоһоонноох, сыаналаах, ыйааһыннаах тыллар.
соотв. Золотые слова.
- Күүркэтиилээх тыллар буолбатахтар - көмүс тыллар! Баһыыба эйиэхэ! - диэтэ Никита уонна күүстээх илиитинэн доҕорун дьарамай санныттан кууста.
Н. ЛугиновКөмүс уҥуоҕун көтөх, алтан уҥуоҕун араҥастаа үрд. - улаханнык ытыктыыр, күндүтүк саныыр киһигин үчүгэйдик харайан, дьоһуннаахтык көмп. Похоронить с почестями уважаемого, дорогого, близкого сердцу человека (букв. серебряные кости его поднимать, золотые кости его сложить на араҥас - употр. как формула высокого стиля). Аны көр бу алтан уҥуохпун араҥастыыр, көмүс уҥуохпун көтөҕөр оҕолоннум.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Биһигини, кырдьаҕас дьону, өллөхпүтүнэ, көмүс уҥуохпутун көтөҕөөрүҥ, алтан уҥуохпутун араҥастаарыҥ! Болот Боотур
Көмүс үйэ
- туох эмэ (хол., наука, литература) табыллан, тобуллан сайдар кэмэ, үйэтэ.
Золотой век (напр., Римской поэзии).
Биһиги эрабыт иннинээҕи бастакы үйэ бүтүүтүгэр уонна биһиги эрабыт бастакы үйэтин саҕаланыытыгар былыргы Рим саамай талааннаах поэттара олоро сылдьыбыттара. Ити кэми Рим поэзиятын "көмүс үйэтэ" диэн ааттыыллар. КФП БАаДИ. Көмүс үлэтэ - олус ыарахан, сыралаах үлэ. Тяжелая изнурительная работа. Пьесаларбын биэстииттэн итэҕэс устубат, барыйааннаабат быһыылаахпын. Кырдьыга, көмүс үлэтин үлэлиибин: буору, тааһы хаһар тэҥэ быһыылаах.
Суорун ОмоллоонКыһыҥҥы тоҥ тааһы хаһар диэн, көмүс үлэтэ буолар. Н. Апросимов
Өссө холобурдар (3)
Көмүс хатырыктаах - балыгы күндүргэтэн, ойуулаан этии. Эпитет рыбы (букв. с серебряной чешуей). Күөх далай иччитэ Күөх Боллох тойон Көмүс хатырыктааҕынан Күндүлүү турдун.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБу үрэх көмүс хатырыктааҕыттан Ньукулаас да үгүстүк тииһиммитэ. С. Никифоров Көмүһүм оҕото - саамай күндүтүк саныыр киһим, тапталлааҕым. Золотце мое, золотко мое (обращение к любимому человеку). Гриша, көмүһүм оҕото, төнүн, кэл дьиэҕэр, кырдьаҕас ийэҥ сүрэҕин уоскут. А. Сыромятникова
Кыһыл көмүс буукубанан (кыһыл көмүһүнэн) сурулун
- золотыми буквами написать. Кырдьык дьыала кыайыыта Кыһыл көмүһүнэн суруллуо. С. Васильев. Е. И. Бурцева үтүө аата саха норуотун историятыгар кыһыл көмүс буукубанан сурулунна. "ХС". Чэ, холобур, бу эн көлүөнэҥ сэбиэскэй судаарыстыба историятыгар көмүс буукубанан суруллар тугу оҥордо? "ХС". Кыһыл көмүс кылаат - наһаа сыаналаах, киһиэхэ олус туһалаах туох эмэ.
Что-либо ценное, весьма полезное для человека; золотой клад.
Куруҥу солоон эрэллэр. Ити үтүө куруҥу, кыһыл көмүс кылаат дойдуну барытын апчарыйыахтара.
Күндэ
Кыһыл көмүс сүрэхтээх киһи
- үтүө санаалаах, амарах киһи.
Золотое сердце.
Мин кинини оҕо эрдэҕиттэн билэбин. Кыһыл көмүс сүрэхтээх киһи.
Л. Толстой
Кыһыл көмүс сыбаайба
- кэргэнниилэр холбоспуттара биэс уон сылын туолуута.
Золотая свадьба.
Лэгиэн ол күһүнүгэр кыһыл көмүс сыбаайбаны атаарбыта. Н. Босиков Скрябиннар кыһыл көмүс сыбаайбаларын үөрүүлээхтик бэлиэтээн аһардылар. "Кыым".
Сымнаҕас көмүс
- күндү түүлээх тириитэ.
Мягкое золото.
Бу улахан сымнаҕас көмүс кылаакка кыыл иитээччилэр өҥөлөрө үгүс. ПДИ КК. Кини бултаабыт сымнаҕас көмүһэ Ийэ дойду валютнай пуондатын хаҥатыһар. "Кыым"
11 этии #
Нууччалыы Золотая осень
Көмүс күһүн - күһүн, от-мас сэбирдэҕэ, мутукчата барыта саһарбыт кэмэ Күөх солко сайыны көмүс күһүн солбуйда. М. Доҕордуурап Көмүс күһүн сайыҥҥы күөх өҥү суурайан-сотон бу тиийэн кэллэ. Н. Заболоцкай Сайыны быһа ардаан, салгытан баран, көмүс күһүн күөрэйиитэ дьэ ырааһырда. "Кыым". Көмүс кымньыы бот. - сытыары үүнэр силиргэхтээх, элбэх сыллаах дороххой эмтээх от үүнээйи (үөс тааһырыытын, ис ыарыытын, сыыҥканы, иик хаайтарыытын эмтииргэ, тас бааска, хаан тахсыытын тохтоторго тут-лар). Θ Золотая розга (многолетнее лекарственное растение). Көмүс мас бот. - араас өҥнөөх элбэх сэбирдэхтэрдээх куруук күөх турар сэппэрээк үүнээйи (күөх ньалҕаархай сэбирдэхтэрэ халыҥнар уонна саһархай толбоннордоохтор). Θ Аукуба (золотое дерево). Көмүс промышленноһа - көмүһү хостооһунунан уонна байытыынан дьарыктанар промышленность. Θ Золотодобывающая промышленность. Саха сиригэр көмүс промышленноһа киэҥник сайынна. "Кыым". Алдан көмүсчүттэрэ көмүс промышленноһын үбүлүөйдээх сылын үрдүк көрдөрүүлээх көрсөллөр. ХС
Өссө холобурдар (14)
Көмүс ууһа - ол-бу киэргэллэри (хол., ытарҕаны, биһилэҕи) көмүстэн оҥорор идэлээх уус. Θ Золотых дел мастер, ювелир. Көмүс ууһугар куттаран, уута суох көмүһүнэн олорор оҕо саҕа көмүс сыаҕайы эҥини оҥотторон биэрэллэр. Саха фольк Көмүс үлэһиттэрэ - көмүс промышленноһыгар үлэлиир дьон. Θ Работники золотодобывающей промышленности. - Манна көмүс үлэһиттэрэ тохтуур дьиэлэрэ. Көмүс үлэһиттэрэ! Өйдөөтүҥ дуо? Оттон эн кимҥиний? Амма Аччыгыйа Көмүс харчы - көмүстэн кутуллубут манньыат. Θ Золотая или серебряная монета. Киһилэрэ, алтан айахтаах кумараанньыгы ылан, биир солкуобайдаах көмүс харчыны Абдуркуллаҕа биэрдэ. Эрилик Эристиин Ампаарын кэннигэр иин хаһан, көмүһүн, көмүс харчытын кистиир. Н. Якутскай Кутуу көмүс - кутан оҥоһуллубут көмүс. Θ Литое серебро. Кутуу көмүс хоҥсуоччулаах; Кырылас оһуор кытыылаах Кычымнаах ыҥыыр киэргэллээх, Үрүҥ көмүс үллүктээх Үүт маҥан аттар. С. Зверев Кыһыл көмүс - сиртэн хостонор, кытархайдыҥы араҕас өҥнөөх күндү металл. Θ Золото. Кинилэр кыһыл көмүс, хорҕолдьун, сүлүүдэ хостонуутугар бастакы суол тэлээччилэр. С. Васильев Сиэбиттэн саппыйалаах кыһыл көмүс ылан Киириккэ биэрэр. С. Ефремов Кыһыл көмүс баайдааҕын, Күндү тааһын алмааһын -- Бүлүү ыллыыр, ыллыыр. С. Зверев Тардыы көмүс - уһун синньигэс гына таптайан тэнитиллибит көмүс. Θ Кованое серебро. Тардыы көмүс курдук Талахтардаах ини, Сөҥ сүөгэйим курдук Сүүрүктэрдээх ини Таатта үрэх. И. Егоров Тардыы көмүс халҕанын Арыйа баттаан, Таһырдьа тахсан, Туох дойдуга тохтоото диэн, Толкуйдаан көрбүтүм. С. Зверев Уулаах көмүс - алтан булкаастаах көмүс. Θ Серебро, золото с примесью меди. Оҕо саастан таптыыбын Бу күөх унаар дойдуну, Ока үүммүт налыытын, Уулаах көмүс урсунун. С. Данилов Үрүҥ көмүс - килбэчигэс сырдык дьүһүннээх, сиртэн хостонор өҥнөөх күндү металл. Θ Серебро. Саха сирэ үрүҥ көмүһүнэн баай. Үрүҥ көмүс иһигэр кыһыл көмүс баар үһү (тааб.: силии). Үрүҥ көмүһү сыыйа тарпыт курдук хатыҥ мастардаах.
КүндэХара көмүс - сиэрэнэн хараардыллыбыт үрүҥ көмүс. Θ Черненое серебро (при помощи серы). Хара көмүс курдук куударалаах аһа -- өрө күүрэн таҕыста. Саха фольк