Перевод с якутского
көнньүөр
туохтуур
Нууччалыы быть в хорошем, приподнятом настроении
1 туохтуур #
Үөрэн, чэпчээн үчүгэй майгылан, санааҥ көтөҕүлүн
Нууччалыы Быть в хорошем, приподнятом настроении
Тугун баҕас кэрэтэй. Самаан сайын барахсан! Мантан көнньүөрбэт ким баарый? Баал Хабырыыс Байааҥҥа уолаттар бүгүн бэркэ көнньүөрэн оонньуу олороллор. А. Сыромятникова Наар үтүөҕэ эрэ дьулуһар олоҕун туһунан эргитэ санаан, саҥатыйыы үөрүүтүнэн көнньүөрэн сырытта. Л. Толстой (тылб.)
2 туохтуур #
ан эмэ дуоһуйан, астынан санааҥ табылын, уоскуй, холкутуй
Нууччалыы Утешаться, успокаиваться (удовлетворившись чем-л.)
Уол тотон-ханан баран, дьэ көнньүөрэн, оҕонньору кытары дьэ үчүгэйдик кэпсэппитэ. В. Яковлев Тотто да оҕо мэлдьи көнньүөрээччи ЭК
3 туохтуур #
Тубус, тупсан кэл, үчүгэй буолан кэл (айылҕа, күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Улучшаться; разгуляться, проясниться (о природе, погоде)
Көнньүөрбүт, киэркэйбит күөх унаар куйаарга Күн көмүс кубалыы долгуйда. Күннүк Уурастыырап Мутукча муората долгуйан, Муҥутуу көнньүөрдэ айылҕам. С. Зверев Ср. тюрк. көни ‘исправляться, поправляться; становиться честным, прямым’