Перевод с якутского
көрүү
аат тыл
Нууччалыы вид; рассмотрение
English view(ing), consideration
Ис хоһооно · 14
1 аат тыл #
Нууччалыы вид; рассмотрение
English view(ing), consideration
киинэ көрүүтэ просмотр киноmovie viewing
2 аат тыл #
Нууччалыы надзор; забота; уход
English supervision, care, husbandry
сүөһүнү көрүү животноводствоlivestock husbandry сүөһү көрүүтэ животноводствоlivestock husbandry
3 аат тыл #
Нууччалыы обсуждение
English discussion
мунньахха боппуруоһу көрүү разбор темы на собранииa discussion of the topic at the meeting
4 аат тыл #
Нууччалыы комп. вид
English comp. view
5 аат тыл #
Хараҕы ким, туох эмэ диэки туһаайыы; хараххынан кими, тугу эмэ одуулааһын
Нууччалыы Взгляд. Кини кими барытын биир көрсүө көрүүтүнэн кутун-сүрүн тутара. Суорун Омоллоон. Килбиктик көрбүтэ Эдэр кыыс көрүүтэ. Эллэй. Миигин көрө түспүтүҥ Абылыыр көрүүгүнэн. И. Эртюков
6 аат тыл #
Тугу эмэ кытта көрөн билсиһии
Нууччалыы Просмотр, обозрение, зрительное восприятие
Кинигэ ааҕыы, тыйаатырга сылдьыы, киинэ көрүү билиҥҥи киһи олоҕун сүнньэ буоллулар.
Н. ЛугиновКөрүүгэ турбут иһит этэ. А. Сыромятникова Күн аайы сонун сири-уоту көрүү, куруук айылҕа ортотугар сылдьыы -- киһини угуйар, умсугутар күүстээх Тумарча
7 аат тыл #
Кыайыылааҕы быһаарарга аналлаах күрэхтэһии
Нууччалыы Смотр,смотр-конкурс (напр., коллективов художественной самодеятельности)
Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүү түмүктүүр кэнсиэрин бырагыраамата лауреаттар уонна дипломаннар нүөмэрдэриттэн сүүмэрдэммитэ. АҮ. Көрүү усулуобуйата толоруллубатаҕын быһыытынан бастакы уонна иккис миэстэлэр кимиэхэ да анамматылар Кыым
8 аат тыл #
Ким, туох эмэ туругун бэрэбиэркэлээһин
Нууччалыы Осмотр, проверка (напр., состояния здоровья)
Уолаттар медицинскэй көрүүнү бараллар. СГПТ. Бары тэрилтэлэргэ баар транспортнай сириэстибэлэри уочараттаах техническэй көрүү ыытыллар Кыым
9 аат тыл #
Дьүүлүнэн быһаарыы
Нууччалыы Разбирательство, рассмотрение, обсуждение
Мунньахха боппуруоһу көрүү. Баһылай Киппээнэби сэбиэт көрүүтүгэр биэрдилэр.
П. ОйуунускайТүргэнник суут көрүүтүгэр биэриэххэ М. Попов
10 аат тыл #
Киһи туох эмэ туһунан өйдөбүлэ, санаата
Нууччалыы Взгляд, мнение, точка зрения, позиция
Остуоруйаларынан норуот бэйэтин дириҥ философиятын, эстетическэй көрүүтүн этэр. Саха фольк Туруук таас хайа иччитин уобараһыгар эбээннэр былыргы көрүүлэрэ тыктарыллан көрдөрүллэр. Эвен. фольк
11 аат тыл #
Аһатан-сиэтэн харайыы; дьаһайыы, бэрийии
Нууччалыы Попечение, забота о ком-чем-л.; присмотр, уход
Оҕону көрүү. Ынах көрүүтүн биригээдэтэ диэн тэрилиннэ.
КүндэКыра оҕолоругар патронажнай көрүү олохтонор АНТ ДьҮС
Өссө холобурдар (2)
Дьиэ түбүгүн толоруу, дьиэҕэ бэрээдэги тутуу. Θ Выполнение домашних хлопот, забот; уход за порядком в доме. Дьиэ ис көрүүтүттэн, ас астаныытыттан быыһаныа этилэр.
КүндэДьиэ көрүүтэ диэн туох кэлиэй? Аны барыта - элэктэриичэстибэ, бэлэм ититии И. Федосеев
12 аат тыл #
итэҕ. Ойуун туох буолуохтааҕын эбэтэр ким туохтан ыалдьыбытын, өлбүтүн билиитэ
Нууччалыы Видение, провидение, ясновидение в состоянии транса (о шамана)
"Сүгүн олорумаары гыннахпыт буолуо", - диэн кутура былаан көрүүтүн кэпсээтэ. Эрилик Эристиин Ойуун бэйэтин көрүүтүн чиҥэтэн мөккүөр туруорда. "Чолбон". Ойуун ынырык көрүүтүнэн холбоһорго анаммыт Халерхаа кыысчаан уонна Ханидуо уолчаан дьылҕалара олус уустук, эриирдээх-мускуурдаах буолан тахсыбыта Кыым
13 этии #
Көрүүгэ киирбит кэпс. - улаханнык ыалдьан, кыаммат буолан, атын киһи көрөр-харайар буолбут Ньукулай оҕонньор көрүүгэ киирбитэ нэдиэлэ буолбут.
Нууччалыы Быть, находиться на руках у кого-л. (о тяжелобольном)
Этиилэр
Көрүү көрөр көр көр I
Эмээхсинэ итэҕэйбэккэ, икки ойууну хардарыта кыырдаран, көрүү көрдөрбүтэ. Болот Боотур Хайа хоту тэллэҕэр түһэн баран, дьиэ туттан хас да хоноллор. Элчээни удаҕан дьахтара инники төлкөтүн туһунан көрүү көрөр. Саха сэһ. 1977.
Көрүүтүн көр көр көр I
Бэйикэй! Көрүүлэрин көрөрүм буолуо. Түөкүттэри ситистэрбин үчүгэй этэ. А. Софронов
Харах көрүүтүгэр көр харах
Аарыма хочуол харах көрүүтүгэр да быдан эрэбил, халыҥ-киппэ көрүҥнэнэн истэ. У. Нуолур Үөһээҥҥи этээс көрүдүөрүн уһуга холлорооннонон бара турар. Ити, харах көрүүтүгэр чугас эрээри, Сиэҥкэҕэ ыраах сир. Кустук
14 этии #
Нууччалыы Врачебный обход
Кэрийэн көрүү эмп. - быраас балыыһаҕа балааталарынан сылдьан ыарыһахтар туруктарын бэрэбиэркэлээһинэ Сарсыардааҥҥы кэрийэн көрүүгэ быраастар кини балаататыгар киирбэтилэр. Н. Якутскай Кэтээн көрүү - туох эмэ хайдах буоларын, уһун кэм устата, кэтэбил оҥорон, анаан үөрэтии, чинчийии. Θ Внимательное, долгое изучение, исследование чего-л., наблюдение за чем-л. Оччотооҕу киһи айылҕаны кэтээн көрүүлэрэ кыраҕытын, мындырын сөҕөн кэбиһэҕин. Эрчимэн. Араас установкаларынан ыытыллар кэтээн көрүүлэр. В. Яковлев Намтата көрүү - тугу эмэ дьиҥнээҕинээҕэр соруйан тиийбэт гына сыаналааһын. Θ Принизить, сознательно умалить значение кого-чего-л. Ааспыттар, быһыыта, ол күннэр: Аһара кыраттан үөрүүлэр, Аһара түһүүлээх үөҕүүлэр, Аһара омуннаах сөҕүүлэр, Аһара намтата көрүүлэр... С. Тарасов
Өссө холобурдар (10)
Оҕо көрүүтэ - дьиэҕэ-уокка оҕону харайыы, иитии. Θ Уход за ребенком, воспитание ребенка (дома). Ити оҕо көрүүтэ икки, дьиэ ис тэрээһинэ, ас астаныыта икки баар. Сити иккиттэн босхолоноро буоллар, дьахтар көстө-биллэ көҥүллэниэ этэ.
КүндэОҥорон көрүү - өйгө ыралааһын, санааҕа бу баар курдук ойуулааһын. Θ Мысленное представление, созданное воображением; фантазия (творческая). Сэргэлээхтэн эйиэхэ наар ыра, оҥорон көрүү көмөтүнэн олох дьиҥ баарыттан адьас атыннык киэркэйэн көстөрө.
Н. ЛугиновЭкэниэмикэ ханнык эрэ "кириисиһин" туһунан холуннарыылаах өйтөн оҥорон көрүүлэрин ылар буоллахха, олору олох бэйэтэ киэр илгэр. "Кыым". Өтө көрүү - инники буолуохтааҕы билии, чуолкайдык өйдөөһүн. Θ Предвидение; прозорливость, проницательность. Бу улууканнаах өтө көрүү -- ордук чуолаан биһиги дойдубутугар олоххо киирбитэ. "Кыым". Баартыйа ситиитэ-хотуута, ырааҕы өтө көрүүтэ -- кинини тула норуот маассатын өссө ордук ыга түмнүлэр. Л. Брежнев Санаан көрүү - оҥорон көрүү диэн курдук. Фиолетовай эпэлсиини, кутуругун төбөтүгэр турар куосканы -- биһиги өйбүтүгэр көрөрбүтүн ким да мэһэйдээбэт. [Бу барыта] санаан көрүү буолан тахсар. ДИМ. Поэт субу баар курдук санаан көрүүтэ, ол кини дьоҕура буолар. ХС Сүөһү көрүүтэ - сүөһүнү аһатыы, харайыы. Θ Уход за скотом. Сүөһү көрүүтүгэр, түптэҕэ, окко даҕаны эмээхсиниҥ Марыына, оҕолоруҥ көмөлөһүөхтэрэ. Н. Заболоцкай Олохтоох эмчиттэр бобусталлар да, саҥа тэриллибит сопхуоска үлэлээн, сүөһү көрүүтүгэр кыһанан, дьону көтөҕөн, көҕүлээн испитэ баара. Н. Габышев Сэрэйэн көрүү - туох буоларын барыллаан сабаҕалааһын, тойоннооһун. Θ Предположение. Сэрэйэн көрүүгэ олоҕуран үлэлиир сатаммат. Тургутан көрүү - кими эмэ тугу эмэ гынарга төһө кыахтааҕын, кыаҕа суоҕун, сөптөөҕүн, сөбө суоҕун бэрэбиэркэлээһин. Θ Испытание, проверка кого-л. на что-л. (напр., на компетентность). Сэбиэскэй норуот кэлэр да өттүгэр хаттаан тургутан көрүүгэ түбэһиэн сөптөөҕүн биһиги хаһан да умнуо суохтаахпыт. Л. Брежнев Тэҥнээн көрүү - туохтары эмэ холуу тутан атылыыларын, уратыларын быһаарыы. Θ Сопоставление для установления сходства или различия. Теоретическай чааһа, ордук үөрэтии икки систиэмэтин тэҥнээн көрүү, үрдүк таһымнаахтык суруллубутун бэлиэтээбитэ.
Н. ЛугиновСороҕор билигин баар араас харамайдар оҥоһууларын тэҥнээн көрүү көмөлөһөр. ББЕ З. Үрдүттэн көрүү - тугу эмэ ис дьиҥэр иҥэн-тоҥон киирбэккэ, тус уратытын араарбакка, көтүмэхтик сыаналааһын. Θ Поверхностная, оценка кого-чего-л. Ити алҕас устудьуоннары биирдиилээн билбэт буолууттан, барыларын биир хааһахха хаалаан, биир арсыынынан мээрэйдээн, үрдүттэн көрүү түмүгэр тахсар.
Н. ЛугиновХолонон көрүү - тугу эмэ оҥорорго, ситиһэргэ, олоххо киллэрэргэ сорунуу. Θ Попытка осуществить что-л., добиться чего-л. практического. Эдэр ыччаты ускуустуба кыһатыгар иитэн-үөрэтэн таһаарыыга холонон көрүү - бу улахан кэрэхсэбиллээх уонна кэскиллээх саҕалааһын. АҮ. Ыараҥнатан көрүү - тугу эмэ үчүгэйин-куһаҕанын бары өттүнэн ырытан сыаналааһын. Θ Всестороннее обдумывание, взвешивание, оценка чего-л. Кэлбитэ икки ыйа туолуута үгүстүк толкуйдааһын, бары өттүнэн ыараҥнатан көрүү кэнниттэн, кини чахчы кытаанах быһаарыыны ылынан, дириэктэр хоһугар көтөн түспүтэ. Н. Лугинов