ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көтүрү

сыһыат

Нууччалыы так, чтобы оторвалось, вырвалось, разорвалось, распоролось, развалилось

1 сыһыат #

Көҥү, көҥүрү, хоҥнору, уһулу

Нууччалыы Так, чтобы оторвалось, вырвалось, разорвалось, распоролось, развалилось

  • Кыыһыран, Атыыр туран Атыыр оҕуһу муннуга тэппит - илин тииһин көтүрү тэппит.
    Саха фольк
  • Аржаков бэргэһэни ылан хам-кум тутан көрдө, онтон оройун сиигинэн быһаҕынан көтүрү баттаабытыгар түөрт муннуктуу сууламмыт кумааҕы тахсан кэллэ.
    П. Филиппов
  • Сарылыы-сарылыы түннүгү көтүрү анньан дьиэҕэ көтөн түстүлэр
    ХС

2 сыһыат #

Сорох туохтуурдары кытта уустук, силлиспит суолталаах холбоһуктары эбэтэр холбуу тыллары үөскэтэр, алдьатыы өйдөбүллээх хайааһын араас көрүҥнэрин көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с некоторыми глаголами образует составные слова со слитными значениями, обозначающими конкретные виды действия с общим понятийным смыслом "разрушить, разорвать, порвать, проломить, вырвать; рваться, отламываться"

  • Көтүрү ас, көтүрү бар, көтүрү баттаа, көтүрү көт, көтүрү көтүт, көтүрү оҕус, көтүрү сыс, көтүрү тарт, көтүрү түс, көтүрү үктээ, көтүрү харбаа, көтүрү ыстан.
  • Күтүөт киһи хайырҕастаах хаппахчыны аһа баттаан ойуулаах орон үрдүгэр олоро түһэн эрдэҕинэ - оронун улаҕатыттан түөрт холлоҕос көтүрү ыстанан барда. ПЭК ОНЛЯ I. Иннибит диэкиттэн эмискэ хаар көтүрү барда да, оҕус мэйиитин саҕа кып-кыһыл көстө түстэ.
    Далан
  • [Новгородов] остуол үрдүгэр ыстанан тахсабын диэн ыстаанын тимэҕин көтүрү түһэн кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Тойон Болот аҕатын сонун саҕатыгар түһэн илгиэлиибин диэн, эргэ таҥас муҥнааҕы көтүрү тардан кэбистэ
    Н. Заболоцкай

3 этии #

Көтүрү сытый - ким эмэ күүтүллүбэтэх өттүттэн туох эрэ омнуолааҕы оҥорорун сиилээн, сүөргүлээн этии (хол., толоостук күнүүлээһиҥҥэ) Күтүр өстөөх, доҕорбун эрэниминэбин, кырдьык, биирдэ күнүүлээн көтүрү сытыйбытым баар этэ. Амма Аччыгыйа. [Бииктэр:] Дьуур, түүҥҥү уоруйах курдук, кыыскын уоран ылбытынан, күтүөтүргээн көтүрү сытыйан олороҕун дуу? Суорун Омоллоон. Көтүрү сытыйан... Уочараты силэйэн ылбатах баҕайым ини. "ХС"

Нууччалыы Осуждение неожиданной выходки кого-л. (напр., при проявлениии неуместной ревности)

«К» буукуба