Перевод с якутского
көтүрүтэ
сыһыат
Нууччалыы разорвав на части, развалив, раздробив
1 сыһыат #
Самнары, араартыы, үлтүрүтэ (оҕус, тарт)
Нууччалыы Разорвав на части, развалив, раздробив (разрушить)
Уоттаах харахтарын Умсары көрдөрөөр, Күдэн күүстэрин Көтүрүтэ охсоор. С. Зверев Өстөөх диэки көтүрүтэ тэбэр бүтэй тыастар иһилиннилэр. Т. Сметанин [Ынах - соноҕоско этэр] Көрүүтэ эрэ суох диэҥҥин Көйгөтүтэ санааҥҥын Көмүрүө тиистэрбин Көтүрүтэ тэппиккин Тойоҥҥо этэммин Тос мааскаҕын Бэрдэрэрим буолуо И. Чаҕылҕан
2 сыһыат #
Сорох туохтууру кытта хас эмэ сиринэн эбэтэр төхтүрүйэн алдьатыы өйдөбүллээх хайааһын араас көрүҥнэрин бэлиэтиир уустук силлиспит суолталаах холбуу тыллары үөскэтэр
Нууччалыы В сочетании с некоторыми глаголами образует составные слова, обозначающие конкретные виды действия с общим понятийным смыслом "многократно разрушать, разрывать, вырывать, расползаться, распарываться", (см. көтүрү)
Күлэ-күлэ Күкүр хайалары күөммүнэн Көтүрүтэ көтөр, Көстүбэт күүстэнним. А. Софронов [Буура Дохсун бухатыыр] көҥүтэ барбыт оройдоох, көтүрүтэ барбыт эркиннээх -- күрүҥ булгунньах тоҕус буоҕуратыгар чугуулаан, аҕыс лаппараҥар атаралаан күн тыкпыт күлүм чаҕыл күөнүгэр тахсан, көп соҕус күөх от үрдүгэр көхсүнэн күөлэһийбэхтээн [ылла]. Эрилик Эристиин Яков бу уоттуйан хаалбыт уонна олус кыараҕас таҥаһы сэрэнэн, тиирэ киэптээн кэппитэ -- субу сиик сииктэринэн көтүрүтэ баран хаалыах курдук этэ Н. Заболоцкай