ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көтөл

аат тыл

Нууччалыы вьючные лошади, привязанные за повод и идущие цугом за всадником

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сэтиигэ иһэр ындыылаах ат (үксүгэр элбэх аты сэтиилэнэллэрэ)

Нууччалыы Вьючные лошади, привязанные за повод и идущие цугом за всадником

  • Көтөл ат. Көтөл таба.
  • Айан эрэйин тыырдаҕына кини [Лэкиэ] эрэ тыырыа диэн, Верхоянскай куоратыттан уонча көтөлүнэн Баатаҕай Алыытыгар таһаҕас тартараллара.
    ХС
  • Билигин кини Өймөкөөҥҥө үс көтөл акка бурдук, арыы ындыыланан иһэр
    ХС

2 аат тыл #

Таһаҕастаах сыарҕаҕа көлүллүбүт табалар, ыттар (ону үксүгэр биир киһи салайар)

Нууччалыы Олени, собаки, запряженные в сани с поклажей (их обычно ведет один человек)

  • Маҕаһыынтан аһы-үөлү уйарынан хас эмэ көтөл табанан тиэйэн барар.
    Н. Босиков
  • Биэс көтөл сыарҕалаах алта уонча ыт утуу-субуу түсүһэн, мааҕын оскуола дьиэтин иннинэн быһа ньаргыһан ааспыттарын бэйэм көрбүтүм
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Ат ындыыта

Нууччалыы Конский вьюк, побочень

4 аат тыл #

харыс. т. Эһэ суола

Нууччалыы Медвежий след

  • Булка мээмигэ, тыатааҕы, бөппөкө эҥин диэччилэр, оттон арҕаҕын алаһата, суолун көтөлө диэн ааттааччылар.
    Далан
  • Ср. чагат. көтэл, күтөл 'лошадь, ведомая под уздцы'

«К» буукуба