Перевод с якутского
көҕөрт
туохтуур
Нууччалыы подсинить, сделать синим, голубым; сделать зеленым, зеленить
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Күөх дьүһүннээх гын, күөх дьүһүннээн биэр
Нууччалыы Подсинить, сделать синим, голубым; сделать зеленым, зеленить
Бу оҕо уруһуйугар халлаанын көҕөрдөн биэрдэ
2 туохтуур #
Маһы олордон, үүннэрэн тулаҕын күөх оҥор
Нууччалыы Озеленить (местность посадками)
Дархан куораты Хайы-үйэҕэ көҕөрдүбүттэр. Хантан эрэ ыраахтан аҕалан тирэхтэри олордубуттар. И. Федоров Соҕуруу дойдуга маһы үүннэрэн бүтүн куйаар хонуулары, куораттары, дэриэбинэлэри көҕөрдөллөр М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Үүнээйини тылыннар
Нууччалыы Способствовать, довести до вызревания, созревания (листья, почки, саженцы, растения)
Үүнүүбүтүн -- көҕөрдөр быйаҥнаах сааскы ардах этиҥэ. Т. Сметанин Көлөһүммүт таммаҕын Хара буорга түһэрэн Көмүллүбүт сиэмэни Көҕөрдүөҕүҥ, доҕоттоор! ХС
4 туохтуур #
(үксүн поэзияҕа). Тупсар, сайыннар, чэлгит
Нууччалыы Развивать, улучшать, способствовать расцвету, процветанию
Дойдуну көҕөрпүт Норуот куолаһа - Мин улуу ийэ сирим Үрдүкү Сэбиэтэ Туругурдун! А. Абаҕыыныскай [Саҥа олох] Хоту кыраайга Көҕөртүҥ саха алааһын И. Эртюков