ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҥкөт

туохтуур

Нууччалыы прочищать (горло); напрягать мышцы

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Оҥостон туран кэҥэт (үксүгэр ыллаары гыммыт киһи күөмэйин оҥостон, кэҥэтэн, чөллөрүтэн хабарҕатын быччыҥнарын күүрдэрин этэллэр)

Нууччалыы Прочищать (горло); напрягать мышцы (горла, груди)

  • Көҥдөй түөһүн көҥкөтөн, Саҥата суох үөһэ тыынна, Төрүөтэ суох кыйаханна.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кэрдиис хабарҕатын дабатан Кэпсээн-кэҕийэн киирдэ, Көмүс күөмэйин көҥкөтөн Күөрэтэн-дьиэрэтэн барда...
    С. Васильев
  • Ыйдаҥатааҕы тэргэн тиит күлүгүн саҕа эриэн үөн бөҕөлөр -- кинини тоһуйан үөлэс айахтарын көҥкөтөн, дириҥ куолайдара хараара чөҥөрүспүттэр
    Д. Апросимов

2 туохтуур #

Күөмэйгин күүрдэн улаханнык саҥар, ыллаа

Нууччалыы Говорить, петь громким голосом; петь басом, басить

  • Күөмэйин көҥкөтүөҕүнэн көҥкөтөн, куолаһын сонотон, салгыы ыллаан сатаарытта.
    Болот Боотур
  • Толуу бэйэҕин Тото көрөммүн, Үтүө бэйэҕин Үөрэ көрөммүн, Алтан чороон Айахпын атыттым, Көмүс чуораан Күөмэйбин көҥкөттүм
    Болот Боотур

«К» буукуба