ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көһүйэ

аат тыл

Нууччалыы небольшой якутский глиняный горшок для варки пищи

1 аат тыл #

Күөстэнэр кыра туой иһит, кыра күөс

Нууччалыы Небольшой якутский глиняный горшок для варки пищи

  • Көһүйэ күөс. Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар (өс хоһ.). Суланньа бэйэтэ оҥорбут буор көһүйэлэригэр ууну сылыппыт, дьарҕаа миинин хоргунун сойуппут.
    Н. Абыйчанин
  • [Ийэм] суҥтан, сылгы сиэлиттэн ситии хатара, иһит тигэригэр ситиитигэр оҕуруо тиһэрэ. Хайа уонна туой көһүйэлэри эллээн оҥорор идэлээҕэ.
    ПДА СС

2 аат тыл #

т. -х. Оҕуруот аһын арассаадатын кирээдэҕэ силиһин алдьаппакка, көһөрөн олордорго туттуллар уонна уоҕурдуу буолар, туорпаттан, кунустан оҥоһуллар ыстакаан эбэтэр боччуук (кыра көһүйэ)

Нууччалыы Торфо-перегнойный горшочек

  • Саас биһиги, интэринээккэ олорор оҕолор, кунус көһүйэлэргэ хаппыыста сиэмэтин олордон, икки сүүсчэ угу үүннэрэрбит.
    Н. Габышев
  • Сайынын окко, күһүнүн түүтэх баайыытыгар, хортуоппуй хостооһунугар, сиэмэ бурдугу талыыга, буор көһүйэ оҥорууга, о. д. а. үлэлэргэ үөрэнээччилэр сүҥкэн күүс буолаллара.
    ББ
  • Уменьш. от күөс

3 этии #

Эрдэҕэс көһүйэ - кыра кээмэйдээх көһүйэ Эрдэҕэс көһүйэҕэ Ийэ ынах үүтүн этэттээн ылан, Ититэ түһэн, Эмэкэнэн эмнэрбиттэрэ [төрөөбүт оҕону]. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ыалдьыт көһүйэтэ эргэр. - биир киһи тото аһыырыгар сөп буолар аһы буһарар истээх көһүйэ. Горшочек вместимостью в одну порцию, на одного человека

Нууччалыы Небольшой горшок (между көһүйэ и боччук)

«К» буукуба