ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көһүөркээ

туохтуур

Нууччалыы воспаляться

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Сүһүрэн, иһэн кытаран таҕыс (хол., киртэн, көлөһүнтэн - харах, баас туһунан)

Нууччалыы Воспаляться (о глазах, ране)

  • Атаҕа үтүөрүөхтээҕэр эбии көһүөркээбитин үрдүнэн икки тарбаҕын быыһыгар дириҥник киирэн хаалбыт мас сыыһа иннэҕэ да, туохха да бэриммэтэҕэ.
    Н. Заболоцкай
  • Глаукома улаханнык көһүөркээн эбэтэр бытааннык аалан ыарытыннарааччы
    ТСА ХЫа

2 туохтуур #

Көһүй, мастый (эт-сиин туһунан)

Нууччалыы Неметь, болеть, ныть (от усталости - о теле)

  • Хараҥаҕа ылларыыһыбын диэн, итиэннэ, этэ-хаана дэлби көһүөркээн, оҕонньор буолбата
    В. Яковлев
II

3 туохтуур #

, эргэр

  • Ойуун, ойууну көрдөҕүнэ, көһүөркүүр (өс хоһ.). [Кирилл] кэпсэтиигэ-ипсэтиигэ ордук-хоһу да тылласпат, көһүөркээн туораабат даҕаны
    Нэртэ

4 туохтуур #

Бэрт былдьаһан күөнтэс, күүркэй, улуутумсуй

Нууччалыы Кичиться, чваниться, проявлять высокомерие (из чувства соперничества, выживания друг друга - обычно о шаманах)

5 туохтуур #

Улаатан модьураа, баараҕадый

Нууччалыы Стать, становиться могучим, крепким (напр., деревья)

  • Тойон кыыл ол иһин буллаҕа кинини [тэҥкэ тиити] - көһүөркээбитин, баараҕадыйбытын иһин, уруккутун курдук, дьылыгыр имиллэҕэс эбитэ буоллар, кинини булуо, сөрүөстүө суоҕа этэ
    В. Яковлев

«К» буукуба