ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лап

аат тыл

Нууччалыы истина, правда, ясность

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Туох эмэ чуолкайа, чахчыта (үксүгэр тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы Истина, правда, ясность (большей частью употр. в притяж. ф.)

  • Дьахтар киһи [Күн Толомон Ньургустай] Лабын да булбакка хаалла, Уола [Босхоҥоллой Мүлгүн] хайы-үйэ араҥаска [бэлэмнээбит олохторугар] Олорбута эрэ баар буолбут. ТТИГ КХКК. Билигин тымныы сэттэ уон буолбатаҕына, алта уон кыраадыһа лап.
    Н. Апросимов
  • Оҕонньор бу оҕону Быыкаанныыр кимтэн булбутун билиэн баҕарардыы тыл быктарар да, кыыс лабын биллэрбэт.
    Н. Павлов
  • Ср. алт. лап ‘точность, ясность, твердость’, тув. ылап ‘точно (пунктуально)’, монг. лав ‘точно, достоверно; точность’, бур. лаб ‘наверняка (обязательно)’
II

2 #

тыаһы үт. т. Хаптаҕай предмет туох эмэ үрдүгэр лаппаччы түһэн охсуллар тыаһа

Нууччалыы Подражание звуку, возникающему при ударе чем-л. плоским, мягким по чему-л., шлеп

  • Васин, саппыкытын устан, -- наскылаах атахтарынан лап-лап үктэнэн, хоско ааста
    Э. Соколов

3 этии #

Нууччалыы С удобством (располагаться на чем-л.); ровно, ладно (подходить к чему-л.)

  • Лап бааччы кэпс. - табыгастааҕын булбуттуу, табыллыбыттыы; сөрү-сөп буола Эһэ, суолу сытырҕалаан көрөн баран, мин диэки хайыспыта уонна суолум ортотугар лап бааччы олорунан кэбиспитэ.
    Н. Якутскай
  • Суванкул, лап бааччы сиргэ сытан, тэтэрээккэ буукубалары суруйан бадьаарытара.
    Ч. Айтматов
  • Лап гына кэпс. - 1) күүскэ, тыастаахтык (тугу эмэ, туох эмэ хаптаҕайынан оҕус). Θ С громким шлепающим звуком (ударять, напр., ладонью по крупу лошади). [Бухатыыр:] "Мин ыҥырдахпына, ыраах да буоллаххына чугаһаар, суох да буоллаххына баар буолаар, соноҕоһуом!" - диэн баран [атын] самыытыгар үс төгүл лап гына оҕуста.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
  • Онтон Эрдэситов хаҥас илиитинэн остуолу лап гына оҕуста, сүр чэпчэкитик баадахыс гына ойон турда. А. Федоров; 2) сымсатык, хапсаҕайдык, сыыһа түһэрбэккэ (хол., хап, тут). Θ Цепко и точно; метко, ловко (хватать, ловить или попадать куда-л., достигать какого-л. места). Айыы Дьураҕастай бухатыыр, ойоҕун лап гына харбаан ылла да, суос соҕотохто сур гынан хаалла.
    Саха фольк
  • Онуоха бу бухатыырдар түүтээҕэр чэпчэкитик, охтооҕор түргэнник өрө куугунаан таҕыстылар да Ытык хайа үрдүгэр лап гына түстүлэр, охсуһан имитэлэһэн бардылар. Ньургун Боотур. Лап курдук кэпс. - үчүгэйдик сыста, эндирдэммэккэ дэхситик (хол., ыбыс). Θ Ровно, плотно, точно (ложиться, напр., на что-л.). Дьиэ муннуктара лап курдук ыпсыбыттар. Ср кирг. лап, тат. лап, ног. лап-лап ‘звукоподражание шлепанию (напр., босых ног об пол)’

4 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ла-, лаг-, лап-, лас- диэн саҕаланар олохторго сыстар: лап-лаһырҕас, лап-лаппаҕар

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на ла-, лаг-, лап-, лас-: лап-лаһырҕас ‘шелкающий, издающий щелкающие звуки’, лап-лаппаҕар ‘с ровным, тупым концом, незаостренный’

  • Иккиэн уҥуохтарынан үтүктүспүт курдук лап-лааһаҕардар.
    И. Гоголев
  • Эрбии тыаһа, сүгэ тыаһа, үлэһиттэр кэпсэтэллэрэ, күлсэллэрэ - барыта холбоһон, мээнэ биир куп-куугунас, лап-лабыгырас күүгээн.
    А. Софронов
  • Никифор Спиридонович нууччалыы лап-лаһыгырас - нууччалартан итэҕэс саҥарбат.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Суотун туораҕын тыаһа биир кэм лап-лаһырҕас. Софр. Данилов. [Харыйаны] лары-лаглаҕар, сары-сайбаҕар бэйэтин араас өҥнөөх дьиримнэһэ турар уоттарынан симээбиттэрэ түүҥҥү болуоссаты олус тупсарара
    Н. Лугинов

«Л» буукуба