ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лаҥкыр

даҕааһын

Нууччалыы крупный, раскидистый

I

1 даҕааһын #

Адаархай бөдөҥ, уһун, кэтит (үксүгэр кыыл, сүөһү муоһун этиллэр)

Нууччалыы Крупный, раскидистый (напр., о рогах крупных животных)

  • Табам ааттыыр быһыынан Өйдөөхтүк көрөн кээһэр, Биитэр лаҥкыр муоһунан Буойар курдук илгистэр.
    С. Данилов
  • Доодороп кулуба, -- тэлиэгэҕэ көлүллүбүт лаҥкыр муостаах тараах күрдьүгэс оҕуһу сиэтэн иһэр эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Муустаах муораттан халлааҥҥа тиийэр икки ураа лаҥкыр муостаах улуу дьыл оҕуһа обургу, -- аас-аччык аргыстанан, ыарыы-сүтүү ындыыланан, тахсан кэлэр.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. лоҥкур
II

2 #

тыаһы үт. т. Кытаанах улахан предмет (хол., тимир иһит) туохха эмэ охсуллан доргуйар тыаһа

Нууччалыы Подражание громкому звуку, звону, возникающему при ударе твердых предметов (напр., металлической посуды) друг о друга

  • Эмискэ тэйиччи тимир биэдэрэ тыаһа лаҥкыр гынна. "Чолбон". Хоруобу сабан, өтүүнэн куустаран, ииҥҥэ түһэрдилэр, үрдүгэр туос тэлгээтилэр. Тимир күрдьэхтэр лаҥкыр гыннылар.
    ХС
  • Ср. тат. диал. лаҥгырт ‘звукоподражание падению металлической вещи (напр., посуды)’

«Л» буукуба