ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лип

Нууччалыы подражание отрывистому стуку или хлопку, который производит тяжелый предмет, плотно ложась на опору

Ис хоһооно · 6
I

1 #

тыаһы үт. т. Туох эмэ ыарахан туохха эмэ күүскэ ыпса түһэр тыаһа (үксүгэр халҕаны этиллэр)

Нууччалыы Подражание отрывистому стуку или хлопку, который производит тяжелый предмет, плотно ложась на опору (напр., о тяжелой, массивной двери)

  • Лаврентий төҥкөс гынан ампаар уһугун көтөхпүтэ, -- ампаар "лип" түһэн, ынчыктаан кэбиспитэ
    Н. Габышев

2 этии #

Нууччалыы Очень добротный, тяжелый, массивный (большей частью о двери)

  • Лип хаан - бэрт бигэ-таҕа, халыҥ, ыарахан (үксүгэр халҕаны этиллэр) Лип хаан халҕанын тэлэйэ тардан, дьиэҕэ киирдэ. ПЭК ОНЛЯ I. Сэттэ мастаах лип-хаан халҕаны Тиэрэ кэбэн кээспит курдук кэтит нанаҕар түөстээх. ТТИГ КХКК. Кутуу тимир кулугулаах ньирилиир лип хаан аана Тэлэллэ түһэрин кытта, Урааҥхай оҕотун Одьунаас бэрдэ Баһаҕаһыгар диэри Былтас гына түстэ. ЕН Ы. Лип хара - киппэ ыар, суостаах (үксүгэр эпическай халҕан туһунан). Θ Неприступный; грозный (обычно о эпической двери). Сэттэ уон сэттэ киһи Сэгэтэн көрбөтөх Лип хара дьиэлэрин аанын Лиһигирэйэн тиийэн Сэбирдэх курдук сэлэйэ баттаата.
    П. Ойуунускай
  • Ол улуу уутуттан бухатыыр уһуктан, Уордаахтык тыыллаҥныыр, Лип хара халҕаны асталыыр. Эллэй. Оо, ити таас дыбарыастар Лип хара халҕаннарын Киэҥник тэлэйэ астар, Билэҕиэн, ким тахсарын?..
    А. Бэрияк
  • Тэҥн. лик
II

3 #

, кэпс

  • Василий Иванович, ыарыыта бэргээн, кыраадыһа үрдээн, олох лип сытар эбит.
    Болот Боотур
  • Саҥата суох тахсан аат эрэ харата сүөдэҥнээн хаһаарыматыгар тиийэн лип сыппыта
    Р. Кулаковскай

4 #

Оронтон турар кыаҕа суох (ыалдьа сыт)

Нууччалыы Будучи прикованным к постели (о тяжелобольном)

5 #

Кытаанахтык, дьиппиниччи

Нууччалыы Крепко, плотно (напр., закрываться)

  • Аан лип сабылынна.
    Н. Габышев
  • Игнат өйдөннө. Лип ыараабыт халтаһатын бэрт нэһиилэ атытта, доҕоро кэлэн олорорун көрдө.
    Г. Нынныров
  • Тэҥн. липпэ I
    I. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • нан. лип ‘сплошь (закрыть)’

6 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ли- сүһүөҕүнэн саҕаланар олохторго сыстар: лип-либиргэс, лип-лиһиргэс

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на ли-: лип-либиргэс ‘с частым резким стуком, часто хлопающий’, лип-лиһиргэс ‘сильно громыхающий’

  • Муостарын туйахтарын тыаһа этиҥ курдук лип-лиһиргэс!
    И. Гоголев
  • Бары лип-лиһиргэс, оту-маһы тардыалаан көрө сылдьар эдэр уолаттар олорон иһэр буоланнар, ыстанан түһэн [массыынаны бадараантан] ньылбы соһон таһааран эмиэ айанныыллара
    Далан

«Л» буукуба