ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лиҥкир

даҕааһын

Нууччалыы издающий громкие гулкие звуки; гулкий

I

1 даҕааһын #

Лиҥкинээн тыаһыыр, лиҥкинэс тыастаах

Нууччалыы Издающий громкие гулкие звуки; гулкий (напр., о колоколе)

  • Собуор лиҥкир куолакала Соһумардык доргуйар: Манна дьон ортотугар Манчаарыны сууттууллар
    И. Чаҕылҕан
II

2 даҕааһын #

, кэпс. Бииртэн биир бөдөҥ, наар бөдөҥ (үүнэн турар мастары, дьону этэргэ); оннук мастардаах

Нууччалыы Крупный, один другого крупнее (особенно о деревьях, людях); состоящий из одних крупных деревьев (о лесе)

  • Сэдэх титирик ардайдаах лиҥкир харыйа мас кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыа баһа иччилээхтик куугунуур. Лиҥкир тииттэр адаархай лабааларыттан хаар таҥнары саккырыыр.
    С. Никифоров
  • Уопсай дьиэлэригэр аҕыс лиҥкир эр киһи олорор хоһун нуучча эмээхсинэ соҕотоҕун сууйан тиниктэһэр.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Тумара киэҥ-кэтит туундаратын сыыйаннар, Лиҥкир буураттар лиһигирэччи сиэлэллэр.
    П. Ламутскай
  • Тэҥн. лиҥкинэс II, лоҥкур

«Л» буукуба