ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лобуй

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы стучать, бить лбом (поклоны); бить, стучать копытом при ходьбе

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Абааһы уола -- Тоҕус уон бокулуону ууран, Сүүһүнэн лобуйан, Сүһүөҕүнэн сыылан, Мүлгүн араҥаһын анныгар Мүккүйэн тиийэн кэлбит. ТТИГ КХКК. Ат аргыый лобуйа турда. Н. Некрасов (тылб.)

2 туохтуур #

Тугу эмэ үрүт-үөһэ түргэн-түргэнник "лоп-лоп" гына охсуолаан эбэтэр атахтаргын оннук тыаһатан хаамп

Нууччалыы Стучать, бить лбом (поклоны); бить, стучать копытом при ходьбе (о лошади). [Уйбаанчык] абаттан чиҥ-чиҥник тоҥсуйан, муостаҕа күрдьэҕин лобуйар

3 туохтуур #

Баһа-баһа сиэ (хойууну)

Нууччалыы С удовольствием есть жидкую или лопать густую пищу, хлебать черпая ложкой

  • Ааныска сурдьа бэс үөрэни мас хамыйаҕынан бэрт минньигэстик сиэн лобуйарын астына, таптыы көрөн олорон, бу саҥардыы улаатан эрэр кыра киһини ис-иһиттэн аһына саныыр.
    С. Никифоров
  • Ср тат. лапылдау ‘шлепать ногами’. ЛОБУЙ БЭЙЭЛЭЭХ - даҕ., кэпс. Олус халыҥ, модьу, модороон оҥоһуулаах. Θ Тяжеловесный, топорной работы, грубого изготовления (о предметах обихода). Холумтан чанчыгар лобуй бэйэлээх эмиэ саха ууһа тардан оҥорбут дьэс чаанньыга харааран турар.
    Р. Кулаковскай
  • ЛОБУЙ КУРДУК - даҕ. Суп-суон, кылгас, модьу. Θ Короткий, толстый и крепкий. Лобуй курдук халыҥ тастаах -- "Мүлдьү бөҕө" олоҥхо кинигэтэ дьиэҕэ сылдьыбыта ыраатта.
    Далан
Өссө холобурдар (2)
  • Ата -- лобуй курдук суон атахтарынан аатын эрэ лэппэҥнэтэрэ.
    В. Яковлев
  • [Эһэ оҕото] көп үчүгэй баҕайы түүлээх, лобуй курдук суп-суон атахтардаах. С. Ту мат

«Л» буукуба