Перевод с якутского
лыах
аат тыл
Нууччалыы бабочка
English butterfly
1 аат тыл #
Үксүн ойуулаах кэрэ дьүһүннээх тэрэгэр кынаттардаах, үрүмэччиттэн улахан сибэкки сүмэтин оборор көтөр үөн
Нууччалыы Бабочка (крупная разновидность)
Лыахтар сибэкки сүмэтинэн (нектарынан) аһылыктаналлар. Лыах айаҕын уорганнара куруһуналыы эриллибит оборор хоботок көрүҥнээхтэр. Обороругар лыах хоботогун көннөрөн нектарник иһигэр киллэрэр. ББЕ З. Күөх хонууну үрдүнэн эҥин араас сонунтан сонун дьүһүннээх лыахтар -- тэлибирэһэ көтөллөр Эрилик Эристиин
2 этии #
Абааһы лыаҕа - боруҥуйга көтөр болоорхой лыах Ойуун лыаҕа кэпс. - үрүҥ лыах. Бабочка белянка. Таҥара лыаҕа - толбоннордоох араҕастыҥы дьүһүннээх улахан лыах. Махаон. Тэппэй, -- хортууһун уста биэрэн, сибэккилэр ортолоругар таллаҥныы олорор таҥара лыаҕыгар үөмпүтүнэн барбыта. Далан. Манс. лоарх
Нууччалыы Бражник (ночная бабочка)