Перевод с якутского
лыҥкыначчы
сыһыат
Нууччалыы звонко
1 #
сыһ
Лыҥкыначчы тыаһаа. Лыҥкыначчы тыаһат. Эллээ, таптай Лыҥкыначчы Уһанан чыҥыйар кыһабыт. С. Васильев Таһаҕас тиэйэр улахан массыыналар лиҥкинэһэн, Дьуойа үрэх чиргэл мууһун быһа охсон, киһи куйахата кыйыах, лыҥкыначчы баттыалаан ааһаллар. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Арай эмискэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, биир туус маҥан куба сапсына-сапсына дьикти куолаһынан лыҥкыначчы ыллаата А. Федоров
2 #
Лыҥкынаан иһиллэр, лыҥкынаан тыаһыыр курдук; лыҥкынаан, лыҥкынатан
Нууччалыы Издавая звон, звонко (напр., о звоне колокольчика)
3 #
Лыҥкынас буола тыҥыы, кытаата; лыҥкынас гына кытаатыннара
Нууччалыы (Доводя) до звона в ушах, до гулкой твердости, плотности, до прозрачной звонкости
Лыҥкыначчы тыҥаа. Лыҥкыначчы тыҥат. Кыыс оҕо кылаан бэрдэ Муос дьирибинэ ох саатын -- Кулгааҕын тааһыгар дылы Лыҥкыначчы тардан Обот Хобочой удаҕан Дүҥүрүн дьөлө сүүрдэн кэбистэ. П. Ядрихинскай Кураан буолан, сир-дойду лыҥкыначчы хатан турара. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Уолаттар обургулар -- Аттарын лыҥкыначчы баайдылар, Аһаппакка хатардылар ТТИГ КХКК