ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маа

Нууччалыы подражание мычанию коровы "му-у"

I

1 #

тыаһы үт. т. Ынах маҥырыырын үтүктэр тыл

Нууччалыы Подражание мычанию коровы "му-у"

  • Ынах бөрөлөрү көрөөт, эмиэ торбоһун өйдүү биэрэн "маа" диэн маҥыраабыт.
    Суорун Омоллоон
  • Маа! - дииллэр ынахтар, Мээ! - дииллэр ньирэйдэр.
    К. Туйаарыскай
  • "Маа" - маҥыраһа түспүттэрэ Үһүөн тэҥҥэ ол муҥнаахтар [ынахтар]. Этиллибэт хомолто күлүктэрэ Элэҥнииллэрэ харахтарыгар. А. Михайлов (тылб.)
II

2 #

Нууччалыы Очень бледный, бескровный

  • маа (мааҕы) бэйэлээх көр бэйэлээх. Маа бэйэлээх саҥа бинсээгин кэбилэппит уолчаан уруккуттан уу баһар сиригэр -- сүүрэн киирдэ, бинсээгин уһулла, оллур-боллур таастарга умса бырахта.
    И. Никифоров
  • Байбал маа бэйэлээх хап-хара куударатыттан дьүдьэх оҕо ньуолах аһын курдук сип-синньигэс күүкэнньик буолбут аҕыйах түү хаалбыт этэ.
    Д. Кустуров
  • [Уол] мааҕы бэйэлээх куобаҕын куоттаран күлүгүнээн иккиэйэҕин туран хаалаахтыыллар. КНЗ ТС; маа кубаҕай - олус кубархай дьүһүннээх
Өссө холобурдар (1)
  • Кыыһа хараҕыттан уу-хаар баһан, маа кубаҕай дьүһүнэ тэтэрэн уокка баттаабыт курдук кытаран, өлөн-хаалан олороохтуур эбит
    Н. Заболоцкай

«М» буукуба