Перевод с якутского
маарыннас
маарыннаа диэнтэн холб. туһ. Сирэйдэринэн кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, дьэ онон бырааттыы буолуохтарын сөп бэлиэни киһи булан көрбөт. Эрилик Эристиин Түөрт сүүнэ улахан собуор баар, бырааттыы курдук, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһаллар. Оо, мындаарыһан үрдүк дьиэлэр! М. Доҕордуурап Бэйэ-бэйэлэригэр муҥха хотоҕоһун курдук маарыннаһар сүүрбэччэ хонук субуһан аастылар. Н. Габышев