ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мадьалыт

туохтуур

Нууччалыы идти быстрыми шагами на полусогнутых, слегка расставленных или искривлённых ногах

туохтуур

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэнник, күүскэ тирэнэн, мадьаччы үктэнитэлээн хаамп (хол., ыараханы көтөҕөн)

Нууччалыы Идти быстрыми шагами на полусогнутых, слегка расставленных или искривлённых ногах (напр., неся на руках тяжесть)

  • Чэпчэкитик дугунан өндөҥөлөспүт уолаттар, улахан баҕайы мас кытыйаны көтөҕөн мадьалыта сылдьан, сыалаах эти түҥэтэлээбиттэрэ.
    П. Аввакумов
  • Икки өттүттэн тутаахтаах сүүнэкэй хара иһити икки күлүк курдук киһи көтөҕөн мадьалытан күөх ойуурга киллэрдилэр.
    В. Чиряев
  • Ойоҕос аан аһыллыбытыгар эстэрээппэ дьахталлар икки улахан тимир илиискэ буспут эти буруолаппытынан мадьалытан киллэрдилэр
    ХС

«М» буукуба