ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

майгы

аат тыл

Нууччалыы характер; нрав

English character, disposition

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы характер; нрав

English character, disposition

  • сымнаҕас майгы
    добрый нравa kind disposition
  • куһаҕан майгы
    дурной нравa bad character, a bad seed

2 аат тыл #

Нууччалыы обычай; обряд

English custom, rite

  • урут оннук майгы баара
    прежде был такой обычайthere used to be such a custom
I

3 аат тыл #

Киһи ис дууһатын, өйүн-санаатын, атын киһиэхэ сыһыанын көстүүтэ

Нууччалыы Характер, нрав, душевные качества человека

  • Үчүгэй майгыҥ - көтөр кынатыҥ (өс хоһ.). Баһыахтыыр Балбаара майгытынан бардам буолан, сыл аайы баайтан-баайга уларыйа сылдьан хамначчыттыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэлин Ефимниин билсиһэн истэхпинэ, кини сэмэй майгыта -- сымнаҕас, сытыары тыла-өһө улам-улам ордук кэрэхсэтэр, бэйэтигэр тардар буолан барбыта
    Эрчимэн

4 аат тыл #

Олохсуйбут үгэс, сиэр-туом

Нууччалыы Традиция, обычай

  • Бу дойду тоҥустарын олохторун майгыта барыта биир, кинилэр хастыы да ураһа буола-буола олороллор.
    А. Софронов
  • Киһилээн Куохаан уолаттарыттан, оччотооҕу саха майгытынан, аҕатын дойдутун-сирин -- оччугуй уол тутан хааларынан, Арыылаах диэн алааһы Сүөдэр Микиитин тутан хаалбыт
    МНН

5 аат тыл #

Быһыы, быһыыланыы, (тугу эмэ) оҥоруу

Нууччалыы Поведение, поступок, манера. [Байбаас:] Ити сөп майгы дуо?

  • Ким да утары көрбөт буолан, олустаан эрэр киһи доҕор. Итинник майгытын үрдүкү тойон бука сөбүлээбэтэ буолуо эбээ, төһө да киэбирдэр.
    Н. Неустроев
  • Дьаһааҕы киллэрбэккин? Үрдүкү суут тойотторо сылдьар улуус суолун ороскуотун түөрт сылы мэлдьи түһэрэ илик үһүгүн. Бу туох майгытай?
    П. Ойуунускай

6 аат тыл #

Туох эмэ ис дьиҥэ, атыттартан уратыта (хол., үлэ)

Нууччалыы Отличительные особенности, основные черты, характер чего-л. (напр., работы)

  • Биһиги култуурабыт интернациональнай майгытын сүтэрбэккэ, тылбыт, сурукпут пуормата сайдан иһэригэр көрсө түспүт тардылыктары суох гыныахтаахпыт.
    П. Ойуунускай
  • Сопхуос производствотыгар ээл-дээл сыһыаннаахтар, үлэ майгытын ахсарбаттар, кэлиэн-барыан баҕалаахтар эдэр оробуочайдартан үгүс
    ХС
  • Туох эмэ хайысхата, ураты көрүҥэ. Θ Путь, способ, особенность развития чего-л. Биһиги искусствобыт сайдыытын атын майгынан уустугурдар тоҕоостор эмиэ баар буолбуттарын даҕаны умнуохха сатам мат
    ХС

7 аат тыл #

Туох-эмэ быраабылата, сокуона, балаһыанньата

Нууччалыы Обстановка, ситуация, положение дел

  • Кыраныысса майгытын Бэйэҥ да Эн билэҕин.
    А. Абаҕыыныскай
  • Ср. монг., бур. маяг, орд. майак ‘форма, внешность, признак, манера, образ’
II

8 аат тыл #

, түөлбэ. Быйыт (балык)

Нууччалыы Ленок (рыба)

  • Молбо үрэҕэр майгы, сордоҥ таптаан үөскүүр сирэ эбит
    Я. Семенов

«М» буукуба