ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мандар

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы богатый, изысканный, расписной или расшитый узор

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ойуу-бичик, туох эмэ сиэдэрэй ойуута, силигэ

Нууччалыы Богатый, изысканный, расписной или расшитый узор

  • Биэрэ этэрбэспин тиктэ, мандардаах билэбин оҥордо. Саха нар. ыр. II. Тит Тороев түннүк кэрэнииһин сахалыы мандарын кыҥаан көрө турда.
    Л. Попов
  • Таҥара дьиэтин эркиннэрин сырдык араҕас кыраасканан соппуттара -- туус маҥан кэрэниистэрэ, эҥин эгэлгэ мандара ол көрүөхтэн дьикти хартыынаны ситэрэн биэрэр.
    НВ БК

2 аат тыл #

поэт. От-мас арааһа, байыма, сиэдэрэй көстүүтэ

Нууччалыы Щедрое, богатое убранство природы

  • Күһүҥҥү кэм! Көрүөххэ дьэ дьикти! Сүрэҕим сөбүлүүр Эн тиһэх мандаргын, - Таптыыбын айылҕа сиэдэрэй кэхтиитин, Хампаҕа, көмүскэ сууламмыт тыаларын... КВА Б. Тэбис-тэҥник кэчигирэспит мандардаах -- Суола үрэх бырааннарын: көҕөрө унаарар субурҕаларын умсугуйа көрөҕүн.
    И. Сосин
  • Кустук сэттэ дьүһүнэ, Күммүт күлүм чаҕыла, Барҕа буор сир мандара, Барылара баар манна
    Д. Васильев
  • Норуот тылын баайа, дэгэтэ, толбоно араастаан туттуллуута. Θ Богатство, образность, красочность, сочность (языка). [Айымньылар тылбаастара табыллыбыттара] суруйааччы суруйар истиилин, уус-ураннык ойуулуур тылын мандарын табатык биэрииттэн -- тылы, олоҕу үчүгэйдик билэллэриттэн буолуохтаах.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Айымньы тылын ырытарга суруйааччы туттар баай тыла, истиилин уратыта, араас мандара оҕо кыаҕыгар ылбычча баппат курдук өйдөнөр
    ФГГ СТМЛ
  • Эбэлэрэ туостан араас мандар иһит тигэрэ.
    ХС
  • Мааччах, таналҕан, кытыйа Мандар ойуута дьэргэйэн, Халыҥ сандалы тэриллэр -- Үүт-сүөгэй үрүлүйэр
    ХС

3 даҕааһын #

суолт. Ойуулаах-бичиктээх, сиэдэрэй оҥоһуулаах

Нууччалыы Узорчатый, красочно, искусно отделанный

4 этии #

Нууччалыы Причудливый, искусно нанесённый узор, роскошное убранство

  • Ойуу (оһуор)-мандар - уустук оҥоһуулаах, ойуу-дьарҕаа Мин үрүҥ көмүстэн киэргэллэри, ытарҕалары, кириэстэри, бэчээттэри ойуу-мандар оҥорон, дуйдаан кутар буолбутум.
    И. Иннокентьев
  • Бороҥ кумааҕыга баһаархай сирииптэринэн туох да ойуута-мандара суох бэчээттэммит нүөмэрдэр.
    А. Олбинскай
  • Атыыһыт дьиэтэ, икки кыбаарталы мүлчү түстэххэ кэлэр. Биир мэндиэмэннээх, уһун, үгүс түннүктээх, тас өттө оһуор-мандар -- бөҕө.
    М. Прилежаева
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. мандар ‘вьющееся растение’, мандарлан ‘обвиваться, быть обвитым вьющимся растением, повиликой’

«М» буукуба