ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

марай

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы выпячивать грудь при ходьбе, беге

English soiling

I

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Күүрэҥҥин түөскүн мөтөт, кэтит, киппэ түөстээх буолан көһүн (үксүгэр сүүрэн эрэр киһини этэргэ)

Нууччалыы Выпячивать грудь при ходьбе, беге

  • Матаҥныырап кытарыаҕынан кытаран, ырбаахытын нэлэкэйдэнэн баран, аҕылаан-мэҥилээн бу марайан иһэр.
    В. Протодьяконов
  • Уонча буолан, ыһыах сэргэлэриттэн ыраах тэйиччи тыа саҕатыттан түстүбүт. Хара маҥнайгыттан бастаан, дьоммун балачча хаалларан, сүүрэн марайан истим.
    Н. Заболоцкай
  • Дьэрээ Дьөгүөр, хараҕын үүтэ көстүбэт гына уолуйан, Кустук Саргыдаайабы утары марайан кэллэ
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Поднатужившись, широко замахнувшись изо всей силы (бить, пнуть)

  • Марайа түһэн баран - туох баар күүскүнэн кэдэйэ түһэн баран (оҕус, тэп) Уол бачча сааһыгар диэри сүрэҕэр сөҥөрдүбүт кыһыыта-абата, өһүөнэ түмүллэн төлө биэрдэ быһыылаах: сымыһаҕын быһа ытыран, марайа түһэн баран [баайы] сырбатан саайда. Софр. Данилов. [Арсен Басыгысов] хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһырбытын испит арыгыта өссө күүһүртэ, олбуор аанын марайа түһэн баран тэптэ.
    Е. Неймохов
  • Баһыкка, марайа түһэн баран, [сиэрдийэни] өссө күүскэ үктээтэ.
    ХС
  • Ср. ног. мара ‘стремиться’, эвенк. марив ‘согнуться под тяжестью’
II

3 аат тыл #

Киртитии, хараардыы; суруллубуту үрдүнэн сотон көннөрүү

Нууччалыы Мазня, пачкотня; помарка

  • Тэтэрээт кирдээх, Итэҕэс лиистээх, Алҕаһа элбэх, Марайа сүрдээх.
    Е. Васильев
  • Сурукка барыта ыраас, ханан даҕаны марай, көннөрүү суох буолуохтаах.
    ХС
  • Тэҥн. ньаҕай

«М» буукуба