Перевод с якутского
массыына
аат тыл
Нууччалыы механизм, совершающий какую-л. полезную работу с преобразованием одного вида энергии в другую, машина
English car, automobile
1 аат тыл #
Энергия күүһүн уларытан, туһалаах үлэни оҥорорго туттуллар механизм
Нууччалыы Механизм, совершающий какую-л. полезную работу с преобразованием одного вида энергии в другую, машина
көр аптамабыыл. Легковой массыына. Таһаҕас массыыната. Баһаарынай массыына. Кыраһыына, бэнсиинэ суох массыына үлэлээбэт, сөмөлүөт көппөт, аптамабыыл сүүрбэт. Амма Аччыгыйа Кини дьиэҕэ киирэрин кытта, оскуола таһыгар легковой массыына кэлэн хорус гына түспүтэ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
Оскуоланы көтүрэн, массыынанан, көлөнөн маһын таһыы саҕаланна. М. Доҕордуурап Таҥас сууйар массыына. Иистэнэр массыына. От охсор, бурдук ыһар, бурдук быһар, сир солуур, сир хоруйар - араас массыыналар барыта кэлиэхтэрэ.
П. Ойуунускай[Тимэппий:] Сиэл-сойуус биһиги холкуоспутугар массыынаны иэс биэриэҕэ, онон биһиги биир от охсор массыыната, биир ат кыраабылына, биир сэппэрээтэрдэ, биир арыы оҕустарар массыыната ылыаҕыҥ
Күндэ
2 аат тыл #
Тэриллиилээхтик, туох эмэ мэхэниисим курдук үлэлиир улахан тэрилтэ, холбоһук
Нууччалыы То, что действует подобно механизму, т. е. организованно
Пентагон - арбанар Америка байыаннай массыынатын ыстааба ББ