Перевод с якутского
миинньик
аат тыл
Нууччалыы веник.
1 аат тыл #
Бөҕү-саҕы илбийэргэ аналлаах сиппиир
Нууччалыы Веник. Маайа оһох чанчыгыттан миинньик ылан, дьиэни харбыыр. А. Софронов. Мин -- миинньиги сулбу тардан ыламмын, дьиэни илбийэн элэстэппитинэн бардым. Амма Аччыгыйа. Ааныс соһуйда -- дьиэ харбыы сылдьар миинньигин сиргэ ыһыктан кэбистэ. А. Сыромятникова
2 аат тыл #
Хатыҥ, ыарҕа, сэбирдэхтээх лабааларын чөмөхтүү баайан, баанньыкка суунарга туттуллар тэрил
Нууччалыы Веник из березовых и тальниковых прутьев для бани
Баанньыкка баардаабыта, Миинньигинэн таһыйбыта - Миигиттэн иҥмит барыта Мэличчи ыраастаммыта. Л. Попов Кыһын суунар минньигэһин - Баанньыкка паарданаллар, Бэйэ бааммыт миинньигинэн Дьон дэлби таһыналлар. А. Твардовскай (тылб.)
3 этии #
Миинньик абырҕала - намыһах хойуу сэппэрээк Ортотугар чоҥолох көлүйэлээх миинньик абырҕала халыйа үүммүт бүтэй хоннох сири хара сыбар иилии түһэн турар. Амма Аччыгыйа
Нууччалыы Густорастущий, низкорослый кустарник