ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

миэлиҥсэ

аат тыл

Нууччалыы мельница

English mill

I

1 аат тыл #

Туох эмэ (уу, тыал, паар уо. д. а.) дьайыытынан үлэлиир, бурдук туорааҕын мээккэлиир анал тутуу

Нууччалыы Мельница (водяная, ветряная, паровая)

  • Паровой миэлиҥсэ. Миэлиҥсэ суоруната.
  • Кини били хамбаайынтан саккыраабыт туораах бурдугу миэлиҥсэ тааһыгар кутан биэрэр.
    Суорун Омоллоон
  • Дэриэбинэҕэ өссө биир үктээһин миэлиҥсэтэ баара, үрэллэн турар эбит.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
II

2 аат тыл #

, спорт. Утарылаһааччыгын биир илиититтэн өрө тардан баран, анныгар киирэн аҥаар илиигинэн атаҕыттан харбаан, өттүктээн сууллар (көҥүл тустуу албаһа)

Нууччалыы Мельница (прием в вольной борьбе)

  • Ол сылдьан дьэ биирдэ түбэһиннэрэн киһитин уҥа илиитин кэлтэччи тардан, төбөтүн хонноҕун аннынан уган "миэлиҥсэҕэ" барда.
    Н. Лугинов
  • Байбалабыс хас да сылы быһа такайан, элбэх сыратын-сылбатын биэрэн үөрэппит өттүктээһиннэрэ, миэлиҥсэлэрэ, тэбиилэрэ -- араас бөҕөстөрү тиэрэ уурарга көмөлөспүттэрэ
    ХС

«М» буукуба