ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

миэтирикэ

аат тыл

Нууччалыы метрика.

I

1 аат тыл #

Төрөөбүт туһунан сибидиэтэлистибэ

Нууччалыы Метрика. Сунтаар таҥаратын дьиэтигэр илдьэн кыыстарын Маппый аҕабыыкка сүрэхтэппиттэрэ, миэтирикэтин бэйэлэрин төрөппүт кыыстарын курдук суруйтарбыттара. Н. Якутскай. Эчи, былыр таҥара дьиэтин кытта миэтирикэм күл буолан умайан хаалан, Төрөөбүт дьылым, ыйа, чыыһылата -- бэрт эрэйинэн барылланна. Эллэй. Н. Д. Неустроев аҕалаах ийэтэ үөрэҕэ суох буоланнар, оҕолорун миэтирикэлэригэр сатаан илии баттаабатахтара. Н. Габышев

II

2 аат тыл #

, лит. Хоһоон кээмэйин туһунан үөрэх; хоһоон кээмэйэ

Нууччалыы Метрика. Биһиги үрдүк күүстээх, улуу дьүһүнү айааччыларбыт миэтирикэ пуорматынан умнуллубат, өлбөт улуу дьүһүннэри айыахтара. П. Ойуунускай. Античнай миэтирикэ тыл кылгас уонна уһатыылаах сүһүөхтэрин эриэ-дэхси наардааһыҥҥа олоҕурар. ВГМ НСПТ

«М» буукуба