ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

модьуун

аат тыл

Нууччалыы лишай стригущий

аат тыл

Тирии хатырыктыйар, түүтэ соролуур сыстыганнаах ыарыыта

Нууччалыы Лишай стригущий

  • Торбос модьуун буолбут.
  • Дьүдьэйбит тамыйах модьуунун курдук, күүркэнньиктийбит көбдөркөй кырыһыгар арай хатыылаах ытырыык эрбэһин үүнэн атыгыраан турар буолар.
    Амма Аччыгыйа
  • Аан аһыллар, модьуун сиэбит борооскутун курдук, түүтэ түһэн, лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Модьууннаах сүөһү тириититтэн хоҥнон түспүт хоҕоһотугар баар ыарыы микроба -- ноһуомҥа аҕыс ыйтан ордук, ууга аҕыс хонукка диэри өлбөккө сытар. СЫаК
    Ы. Ср
  • бур. бужуу ‘парша’

«М» буукуба