ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мойуопка

аат тыл

Нууччалыы маевка.

1 аат тыл #

ист. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Россияҕа ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр оробуочайдар кистэлэҥ мунньахтара

Нууччалыы Маевка. "Бастакы тэриллиилээх мойуопка - ити улахан ситиһии", - диэн Владимир Ильич хайҕаата. И. Федосеев. Эспэдииссийэ үлэтигэр Верхоянскайга административнай сыылкаҕа кэлэн олорор Россияҕа аан маҥнайгы оробуочайдар мойуопкаларын тэрийбит Михаил Иванович Бруснев кыттыбыта. П. Филиппов

2 аат тыл #

Элбэх буолан тыаҕа, айылҕаҕа тахсан сынньаныы

Нууччалыы Загородная прогулка, пикник

  • Устудьуоннар өрөбүл күн мунньустан тыаҕа мойуопкаҕа бардылар. Бөһүөлэк ыччаттара Ньукуола күн айылҕаҕа тахсан мойуопкаҕа сылдьааччылар.
  • Учууталлаах биэлсэр "мойуопка" диэн ааттаан оскуола оҕолорун тыаҕа-толооҥҥо таһааран оонньоттулар
    Амма Аччыгыйа

«М» буукуба