Перевод с якутского
моҕой
аат тыл
Нууччалыы ползучий гад, змея
English snake
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Сыыллар харамай, эриэн үөн (уж, питон уо. д. а.)
Нууччалыы Ползучий гад, змея
Моҕой мохсоҕолтон куттанан мөлбөрүс гынан түллэҥнии түстэ.
П. ОйуунускайСаамай кыра моҕой - мепун - сүүрбэ биэс-отут сэнтимиэтир усталаах - Закавказьеҕа баар, кымырдаҕаһынан, онтон да атын кыра үөннэринэн аһылыктанар. ДьДьДь. Моҕойдортон ордук уж уонна гадюка биллэллэр. ШВФ З
2 этии #
Нууччалыы Зеленый змий
Этиилэр
Күөх моҕой
- итирдэр утах, арыгы Чыычаахап күөх моҕойдуун куустуспутунан ыллаан-туойан эмиэ арыгы атыылыыр маҕаһыыҥҥа тиийдилэр.
ДьИэБ. Салайааччылар бэйэлэринэн итирикситтэргэ, күлүгээннэргэ дурда-хахха буола сатааһыннара "күөх моҕойу" сөбүлээччилэр көҥүл көччүйэллэригэр тириэрдибит. "Кыым"
3 этии #
Нууччалыы В мифологии, фольклоре: огромное чудовище с туловищем змеи
Моҕой кыыл - фольклорга, олоҥхоҕо кэпсэнэр моҕой төбөтө төбөлөөх күтүр улахан харамай Тоҥ Дуурай обургу өрөҕөтүн анныттан аҕыс атахтаммыт, Уот садаҕа моҕой кыылы Умса баттаан миинэн киирэр.
П. ОйуунускайДохсун баал күөлтэн сэттэ бастаах моҕой кыылы кытыыга бырахпытын уот кыһыл атыыр сылгы быһа тэбэн эрэр. И. Федосеев Ср. др. -тюрк. маҕа, бур., монг. могой ‘змея’
4 #
хотуур моҕойо - хотуурга саамай төбөтө, оту хайытан киирэр сытыыламмыт сирэ
Нууччалыы Загнутый острый конец косы