ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муода

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы мода.

1 аат тыл #

Быстах кэмҥэ кэлэн ааһар (үксүгэр эдэр ыччакка тэнийбит) таҥаска-сапка сыһыаннаах үгэс

Нууччалыы Мода. Үрүҥ соруочукаламмыт, -- оччотооҕу муода сыдьаайынан болтоҕор түмүктээх күөх-эриэн хаалтыстаах -- Максим Мандаров издательство дьиэтиттэн соччо толлубакка, холкутук намылдьыйан кииртэ. Н. Габышев. [Ефросиния:] Хата эйиэхэ тройката тигиэххэ! Кырдьыга, кыргыттар уолаттардааҕар ордук үлүһүйэн муоданы тутуһаллар. "Кыым". Бүрүүкэтин киэҥ, саннын бааталаан кэтит гына, ити аныгы муоданан тигэллэринии. Г. Николаева (тылб.). // Быстах кэмҥэ тугунан эмэ сөбүлээн үлүһүйүү, дьарыктаныы. Совокупность вкусов и привычек, господствующих в определенной среде в определенное время. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн биһиэхэ уһун ааты кылгатар муода үөскээбитэ. М. Прилежаева (тылб.)

2 аат тыл #

Дьикти, дьиибэ

Нууччалыы Странность, причуда

  • Киһи муода ээ - ааспыт олоҕун хайдах эрэ уруургуу саныыр буолар эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Маннык эдэркээн эрэйдээх тайҕа ааттаах ороспуонньугунуун доҕордоспута дьэ муода.
    И. Гоголев
  • Тоҕо муодатай, тууһумсах табаҕа дылы буолан
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Дьээбэ, тэбэнэт. Θ Шалость, озорство. Уйбаан уол кини диэки туох эрэ муоданы оҥорбут киһи быһыытынан, көрөн турда
    Н. Неустроев
  • Муос көрдүү сылдьан олус муода таастары булуталаабытым.
    С. Ефремов
  • Үлэлии сылдьар дьон ортолоругар ханнык эрэ муода көрүҥнээх, хатыҥыр уҥуохтаах, кыһыл чалмалаах, -- боруонса курдук килэҥнэспит фигуралар бааллара. М. Горькай (тылб.)

3 даҕааһын #

суолт. Киһи сөҕүөн курдук, дьиибэ, дьикти

Нууччалыы Странный, чудной. [Оксана:] Оҕолоор, бу мин сиртэн биир муода суругу буллум

«М» буукуба