Перевод с якутского
муодунай
даҕааһын
Нууччалыы модный.
даҕааһын
Биир кэмҥэ киэҥник биһирэнэр, муода буолбут (мал-сал, таҥас-сап туһунан)
Нууччалыы Модный. Аныгылыы муодунай таҥастаах, балай да тупсарыммыт сирэйдээх-харахтаах эдэр дьахтар -- түннүгүнэн таһырдьаны одуулаан турда. ТМ ДК. [Артур] аныгылыы бэрт муодунай тигиилээх кыһыл ырбаахытын аһаҕас уолугун көннөрүннэ. "ХС". [Хаһаайка] киһи күнүстэри тымтыктанан да булбат муодунай миэбэлин дьиэтигэр киллэртэрэн туруоран баран, сымнаҕас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн сытар. "Кыым"