Перевод с якутского
муора
аат тыл
Нууччалыы море.
English sea
1 аат тыл #
Уйаара-кэйээрэ биллибэт уу-куйаар, байҕал
Нууччалыы Море. Улуу муора уонна киэҥ тайҕа айылҕа ийэҕэ аҕас балыс курдук ананан айыллыбыттар эбит. Амма Аччыгыйа. Кыыл кыһынын маска тахсар, сайынын муора арыытыгар киирэр. Далан
2 аат тыл #
Киэҥ, дэлэй, өлгөм
Нууччалыы Обилие, изобилие
Күөх муора [үүнүү] мөлбөйөн долгуннура оонньуоҕа. М. Доҕордуурап Сэбирдэх муората оргуйан, силигилии чэлгийдэ ийэ тыам. С. Зверев Солооһуҥҥа ыһыллыбыт бурдук, киһи көрөн, сүрэҕэ үөрэн, хаана оонньуур гына үүнэн, күөгэлдьийэ хамсыыр күөх муора курдук, долгуннура олордо ХС
3 этии #
Нууччалыы Соотв. море по колено
Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан - харса суох тыллаах-өстөөх, быһыылаах-майгылаах, бардам, киһиргэс Галечкабыт бүгүн уларыйан хаалаахтаабыт, муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан буолан хантаҥнаабыт. ХС Баай, мэник иккигэ - муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан. "Кыым". Муораны түгэҕинэн тургутар, халлааны ырааҕынан эргитэр - муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан диэн курдук. Дьэллик -- муораны түгэҕинэн тургутар, халлааны ырааҕынан эргитэр киһи буолан турбат дуо? Н. Якутскай