ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

муҥар

сыһыат, тыл

Нууччалыы как назло

1 #

ыан т

  • Имеет оттенок сетования, недовольства (к тому же, как назло, к несчастью). Манна туох да аата-ахсыыта биллибэт үгүс үрэх киирэр. Муҥар, бары аҕас-балыс курдуктар.
    Суорун Омоллоон
  • Күрүөх киһи, муҥар, аппын куоттаран кээстим.
    С. Ефремов
  • Муҥар, сааспыт эмиэ хойутаата
    П. Егоров
Өссө холобурдар (4)
  • Урукку санааны бигэргэтэн уонна сөбүлээбэттик этэр санааны чорботуу, күүһүрдүү дэгэттэнэр (үксүн буолб. ф. этиигэ да, даҕаны эб. кытта тут-лар: муҥ саатар, оннооҕор). Θ Усиливает, выделяет содержание высказывания в целях подкрепления предшествующей мысли с оттенком общего неодобрительного отношения (преим. употр. с част. да, даҕаны и отриц. ф. гл.; хотя бы, даже и). Муҥар, остуорас да буолбатах.
    Н. Заболоцкай
  • Муҥар, дьукаах да көстүбэт.
    В. Иванов
  • Саатар, дьүһүнүнэн үчүгэй буоллаҕа дуу? Хараҕа кылар, мунна хаптаҕай, кулгааҕа даллаҕар. Муҥар, уоһун сөрүөһүннэри тутта-тутта, туой муннун өрө сыҥа сылдьар.
    М. Доҕордуурап
  • Уон иккис үйэ атахтаата. Муҥар, эксээмэн тутааччы, атын боппуруос суоҕун курдук, ити эрэ үлэни булан дьөлө хараҕаланнаҕа үһү
    ХС

2 #

Этиллэр санаа, соруйан гыммыт курдук, куһаҕан өттүттэн эбиилик буолбутун суланыы, үҥсэргээһин дэгэттээх көрдөрөр (саатар, муҥар)

Нууччалыы Выражает оценку предмету высказывания как дополнительной трудности

3 #

Дии, ээ эбиискэлэри кытта, үксүгэр, этиллибит хатылааһын, кэлэйии, сэнээһин уо. д. а. дэгэттээх сөбүлэспэккэ күүрэн-көбөн утарытын хардаран этиини көрдөрөр

Нууччалыы С частицами дии, ээ выражает эмоционально-экспрессивное отрицание в виде реплики, часто с повторением высказанного и с оттенком презрения, пренебрежения, унижения и т. п

  • Этэллэрин курдук, куһаҕан киһи эбитэ буоллар, муҥар, кинини көмүскүүллэр дии! Софр. Данилов. Муҥар, куотан эбээт!
    Н. Заболоцкай
  • Муҥар, испэт буолар ээ
    ХС
  • Үксүгэр ээ эбиискэни кытта хомуруйууну, сэнээһини уо. д. а. сыһыаны күүһүрдэр уонна көрдөрөр дэгэттэнэр. Θ Употребляясь преимущественно с частицей ээ, приобретает оттенок усиления, осуждения, укоризны и т. п. Хотуйум, муҥар, сытыыката бэрт ээ, быһыта саҥаран
    Эрилик Эристиин

«М» буукуба