Перевод с якутского
мөҥүү
көр мөҕүү. Уол эмээхсин мөҥүүтүн истимэхтии түһэн баран, улахан тирэх кырыысалаах кыра хаата диэки бара турбута.
Суорун ОмоллоонКүөрэгэй [кыыс аата] күүһэ кыайарынан үлэлиирин, илин-кэлин түһэрин үрдүнэн маачаха ийэтэ кыыһырыыта, мөҥүүтэ күүһүрэн истэ. Т. Сметанин Урут мөҥүүттэн ураты саҥаны истибэтэх сылгыһыт Сүөдэр сордоох, тойонун сымнаҕас тылыттан-өһүттэн сыа курдук ууллан хаалла. Н. Якутскай