ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

найылаа

туохтуур

Нууччалыы обременять кого-л. чем-л., взваливать что-л. на кого-л., отводя от себя

туохтуур

Бэйэҕиттэн халбарытан атын киһиэхэ оҥорторо сатаа, сэлээннээ

Нууччалыы Обременять кого-л. чем-л., взваливать что-л. на кого-л., отводя от себя

  • Бэйэҥ үлэҕин атын киһиэхэ найылаама.
  • Миэлиҥсэни үлэҕэ киллэрэр иһин бары күүһү түмүөххэ наада. Оттон соҕотох Краскиҥҥа найылаан кэбистэххэ, өтөр олоххо киллэриэ суоҕа.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕолорбутун көрөргө икки өттүттэн күүспүт, баҕабыт тиийбэтэ: кинилэри иитиини биһиги ийэбитигэр найылаабыппыт.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэ-уот үлэтэ ыарахан, сылаалаах. Ону аҥаардас дьахтарга найылыыр сатам мат. П. Ламутскай (тылб.)

«Н» буукуба