ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

накаас

аат тыл

Нууччалыы мука, страдание, мучение

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ ыараханы, сору көрсүү, эрэй-муҥ

Нууччалыы Мука, страдание, мучение

  • Байбааскы курдук хамначчыт да киһиэхэ эргэ табыллан олорбутум буоллар, бу курдук хараҥа накааска, хара сорго олоруом суох этэ.
    П. Ойуунускай
  • Уон икки оҕобутуттан ордон хаалбыт Ньургуһуммут сүттэ, биһигини бу дойдуга тыыннаах накааһыгар хааллартаата
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 аат тыл #

Кимҥэ эмэ (хол., дьокутаакка, быыбарданааччыга) тугу эмэ толорорун туһугар ирдэниллэр сорудах, көрдөһүү

Нууччалыы Наказ (поручение, обращение). [Иван Иванович:] Дьэ, билигин саҥа талар сууттарбытыгар үлэлэригэр накаас биэрэрбит кэллэ

  • Ким тугу этиэн баҕарар баарый?
    П. Ойуунускай
  • Үлэһиттэр норуодунай хонтуруол уорганнарыгар накаастары, сүбэлэри биэрэллэр, баар итэҕэстэри туоратарга этиилэри киллэрэллэр.
    К
  • Депутатскай бөлөхтөр быыбардааччылар накаастарын, этиилэрин толорор иннигэр күннэтэ былааннаахтык үлэлииллэр.
    ПДИ КК
Өссө холобурдар (1)
  • Бу оҕолор баар буоланнар, ыарыйдахпына көрөн-истэн киһи буолбутум, үөрэхпин бүтэрбитим. Дьэ, бу накаас үчүгэй оҕолор. АА ИБ

3 аат тыл #

суолт., кэпс. Олус, наһаа

Нууччалыы Слишком, очень

4 этии #

Нууччалыы Мука, жестокое страдание

  • Таҥара накааһа - улахан туох эмэ эрэйгэ киирии, сордонуу-эрэйдэнии Сааһым тухары биирдэ сүрэҕим үөрэн күннээбиппин өйдөөбөппүн. Таҥара накааһа маннык ини... Оннук халыҥ айыыны оҥорбуппун да билбэппин.
    М. Доҕордуурап
  • Уопсай тылы булбат атас түбэстэҕинэ, таҥара накааһыгар угуоҕа.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Русск. наказ

«Н» буукуба