Перевод с якутского
нарылаа
туохтуур
Нууччалыы придавать изящество чему-л., обтачивать, обстругивать, шлифовать
1 туохтуур #
Кыһан, чочуйан туох эмэ оҥоһук уранын, нарынын ситэрэн биэр
Нууччалыы Придавать изящество чему-л., обтачивать, обстругивать, шлифовать
Чыычаахтар -- иккиэн сымнаҕас оту, чөҥөчөккө, күрүөҕэ иилиллибит түүнү тастылар. Уйаны нарылаан тутааччы Тэкэлик буолла. П. Тобуруокап Бэркэ кичэйэн кыһанан-мүһэнэн туран, нарылаан оҥорбут сэптэрэ быһыылаах. АаНА СТОТ. Эрийэ хаппыт хаптаһыны нарылыы сатаан Степа санна бүгүллэҥнии турар С. Федотов
2 туохтуур #
Салгыы ситэрэн, тупсаран биэр
Нууччалыы Обновлять, дополнять, уточнять, улучшать, совершенствовать (напр., произведение)
Түгэн суоҕа нарылыыр, уустуктуур, Түү ньуолах тыллары этэр. Баал Хабырыыс Атаарбыт үрүҥ түүннэрбит Бүгүн миэхэ ыалдьыттаан, Ырыа тыллара буолтарын Нарылаан эйиэхэ ыытабын. Кутаа т