ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

никсик

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы застоявшийся затхлый запах сырости

1 аат тыл #

Туох эмэ уһуннук сииккэ ылларан, буорту буолбут түүнүк сыта

Нууччалыы Застоявшийся затхлый запах сырости

  • Никсик билиннэ.
  • Сиигинэн, никсигинэн аҕылаабыт Сидьиҥ хотон куораттаммыта, Уулбат хараҥанан сабардаабыт Оһох кэннэ уйаламмыта.
    С. Васильев
  • Былырыыҥҥы сэбирдэх, көтөҕө кураххай никсигин баһыйа тыллан эрэр от-мас дыргыл сыта саба биэрэр
    Е. Неймохов

2 даҕааһын #

суолт. Сииккэ ылларан түүнүк сыттаах

Нууччалыы Затхлый, с запахом сырости, плесени

  • Им-ньим, арай кэтэх ынах дьүдьэх хотонун аспыт курдук, никсик сыттаах сылаас күдэн күдээрийэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Төрдүс чымадааны арыйбыта никсик түү сыта саба биэрдэ.
    М. Попов
  • Хортуоппуй чөмөҕө итийэриттэн бэрт кылгас болдьох иһигэр уулла сытыйар, ыарахан никсик сыттанар.
    ФНС ОС

«Н» буукуба