Перевод с якутского
нуорма
аат тыл
Нууччалыы норма; стандарт
English norm, standard
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы норма; стандарт
English norm, standard
сиэр-майгы нуормата норма поведенияbehavioral norm литературнай тыл нуормата норма литературного языкаa norm of literary language
2 аат тыл #
Нууччалыы норма
English rate, quota
нэдиэлэтээҕи нуорманы аһара толор намного превысить недельную нормуto greatly exceed the weekly rate
3 аат тыл #
Быһаарыллыбыт, ылыныллыбыт, эбэһээт тутуһуллуохтаах ирдэбил, быраабыла
Нууччалыы Общепринятое правило, норма
Атын омук тылларыттан киирии тыллары туттууга нуорманы кэһии түбэлтэлэрэ тахсар. АНВ СТУ. Сурук тылын лексикатыгар литературнай тылга туттуллар, атыннык эттэххэ литературнай нуорма буолар тыллар киирэллэр АПС СТЛ
4 аат тыл #
Туох эмэ олохтоммут, быһыллыбыт орто кээмэйэ
Нууччалыы Установленная мера, средняя величина чего-л., норма. Үлэ нуормата. Дьөгүөрэп ампаарыттан саллаатыгар нуорма табаҕын аҕалар
Таня нуорматын аһара толорон баран, өссө хортууһугар моонньоҕоннообут. Дьүөгэ Ааныстыырап. Оту охсор нуорматын Куоһарбыта буолуо диэн, Ийэм миигин кэтэһэр Бүтэй үөрэр, эрэнэр И. Федосеев
5 аат тыл #
Кимиэхэ, туохха эмэ тиксэр өлүү, ким, туох эмэ ирээтэ
Нууччалыы Доля, часть чего-л., отведенная, предназначенная кому-чему-л
Онтон биир уһаайба оннун, нуорма сирдэрин уонна түөрт ыйдаах хамнаһын Харытыанаҕа бэрдэрэргэ этэбин.
П. ОйуунускайДьөгүөрэп -- ампаарыттан саллаатыгар нуорма табахтарын аҕалар. Амма Аччыгыйа Учууталлара ыыппыт килиэбиттэн үөрэн, хараҕа чаҕылыҥныы түспүтэ: "Нуормабытын ыла иликпит. Онон быстаран олоробут" М. Ефимов
6 аат тыл #
Ханнык эмэ успуорт көрүҥэр ситиһиллиэхтээх ирдэбил
Нууччалыы Установленный норматив в спорте (показатель достижения в спорте). 1965 сыллаахха Н
Саввинов Арассыыйа күрэхтэһиитигэр маастар нуорматын толорбута. НСС ОоО. Чөмпүйэнээккэ Дмитрий Попов, Александр Сыромятников маастарга хандьыдаат нуорматын толордулар ПБН КДьСО
7 этии #
Нууччалыы Проучить, наказать кого-л. (букв. норму его дать)
Нуорматын биэр - кимиэхэ эмэ тоһун биэр, кэһэт "Ньоролуһан эриҥ - нуормаҕытын биэриэм", - диэн сибигинэйэн эттэ, силин быһа ыйыһынна. Р. Баҕатаайыскай Нуорматын ылла - кэһэйдэ, көрдөөбүтүн ылла. Θ Получать наказание за содеянное, получать горький урок (букв. [он] получил свою норму). Нуорматын ылбыт быһыылаах, уку-суку туттан тахсан барда. НАГ ЯРФС I